Манчаары аатынан киин спорт национальнай көрүҥнэригэр эксперименныыр былаһаакканан буолуоҕа

Өрөспүүбүлүкэтээҕи В.Манчаары аатынан спорт национальнай көрүҥнэригэр киин уонна Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт института федеральнайдааҕы эксперименниир былаһаакканы үлэлэтэр туһунан сөбүлэҥ түһэристилэр. «Совершенствование системы подготовки спортивного резерва по национальным видам спорта в условиях Северо-востока Российской Федерации (на примере Республики Саха (Якутия)» бырайыак үлэтин саҕалаата.


Манчаары аатынан киин дириэктэрэ Гаврил Мохначевскай эппитинэн, былаһаакка спорт национальнай көрүҥнэригэр ситимнээхтик бэлэмнэниигэ кыаҕы үөскэтиэ, аныгы тэрийэр-методическай ньымалар туттуллуохтара. Маны сэргэ спорт эйгэтигэр саппааһы уонна спортсменнары бэлэмнииргэ хаачыстыбаны үрдэтиигэ научнай бигэргэтиллибит сүбэлэр бэриллиэхтэрэ.

Чинчийиилэр, мониторинг, уопуттуур-эксперименниир үлэ тиһигин быспакка ыытыллыаҕа, ол иһигэр тренердэр, исписэлиистэр, методистар квалификацияларын үрдэтии тэриллиэҕэ.

Источник: sportyakutia.ru.

This post was published on 17.11.2020 18:01 18:01