Мальдива оҕолоро һээдьэлээтилэр

“Азия оҕолоро” Оонньуу чэрчитинэн министиэристибэлэр уонна бөдөҥ тэрилтэлэр олохтоммут үгэс быһыытынан шефтээх хамаандаларын кытта көрсөллөр, араас тэрээһиннэри ыыталлар.


Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Национальнай култуурунай түмсүүлэр бэйэлэрин шефтээх Мальдива Өрөспүүбүлүкэтин эдэр спортсменнарын кытта көрүстүлэр.

Тренер Нашида Язни үс чэпчэки атлетикаҕа, биир саахымакка кыттар оҕотун Саха сиригэр олорор норуоттар быыстапкаларын галереятыгар сырытыннарда. Оҕолор ордук сылгы сиэлиттэн оҥоһуктары уонна хомуска оонньууну сэргээтилэр.

“Долгунча” ансаамбыл эбээннии һээдьэтин уонна нуучча хоробуотун сөбүлээн, тэҥҥэ үҥкүүлэстилэр.

«Мальдива Арыытын оҕолоро олус көхтөөх эбиттэр. Эбээннии һээдьэбитигэр тэҥҥэ үҥкүүлэспиттэриттэн үөрдүбүт», — диэн санаатын үллэстэр “Долгунча” эбээннии ырыа бөлөҕүн кыттыылааҕа Валентина Прокопьева.

This post was published on 10.07.2016 15:47 15:47