Москваҕа «Малая Родина — сила России» муниципальнай пуорум саҕаланна, манна Саха сирин улуустарыттан уонна нэһилиэктэриттэн барыта 155 баһылык кыттар.
Регион салалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, маннык таһымнаах мунньах бастакытын тэриллэр РФ президенин сорудаҕынан.
Пуорум былаһааккатыгар дойду муниципалитеттарыттан барыта 7500 баһылык кыттар. «Өрөспүүбүлүкэбит уопутуттан кэпсиэхпит уонна Россия атын субъектарын үлэҕэ ситиһиилэрин туһунан билиэхпит», — диэтэ Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев.
Дьыалабыай бырагыраамаҕа үс дискуссия былаһаакката, 65 төгүрүк остуол, 19 лекция, бырайыактар презентациялара тэрилииэхтэрэ, маны сэргэ федеральнай былаас бэрэстэбиитэллэрин кытта көрсүһүүлэр буолуохтара.
Тэрээһин ВДНХ-ҕа буолар. Пуорум сыала — муниципальнай түмсүүлэри биир сорукка түмүү уонна үлэлэрин таһымын үрдэтии.
This post was published on 16.01.2024 10:31 10:31