Максим Топилин: Оҕону түһэттэриини бобуу туһалыахтааҕар алдьатыан сөп

Арассыыйаҕа үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Максим Топилин Саха сиригэр кэлэ сылдьан үөскээбит оҕону түһэттэриини бобуу тула санаатын үллэһиннэ.


Санатар буоллахха, патриарх Кирилл оҕону түһэттэриини бобор көҕүлээһини оҥорбута. Бу тула элбэх ырытыһыы, дьүүллэһии баар.

Ону таһынан маныаха анаммыт докумуоҥҥа сурулларынан, хат буолууну эминэн, хирургия көмөтүнэн тохтотууну бобуу киирэ сылдьар.

«Ити Арассыыйа уопсастыбатыгар билигин сөбө суох миэрэ», — диир Максим Топилин.

Биэдэмистибэ салайааччыта этэринэн, маннык бобуу сокуоннайа суохтук түһэттэриини көбүтүөн, ити түмүгэр дьахтар олоҕо быстыан сөбүн туһунан этэр.

This post was published on 12.10.2016 10:15 10:15