Саха сирин гаастааhыҥҥа биэс сыллаах бырагырааматыгар санкция дьайыа суоҕа. Бу туһунан бырамыысыланнас уонна геология миниистирэ Максим Терещенко иһитиннэрбит, суруйар НВК «Саха».
«Россияны утары ылыллыбыт ханнык даҕаны санкция Газпрому кытта үлэбитигэр мэһэйдээбэт. Хампаанньа салалтатын кытта көрсүһүүбүтүгэр быйыл Ленскэйгэ уонна Нерюнгрига гаас ситимин тардыыны бигэргэттилэр. Ону таһынан Саха сирин оройуоннарын гаастааhыны тургэтэтиэхпит», — диэтэ Максим Терещенко.
Ол курдук, быйыл Ленскэйгэ Бэчэнчэ уонна Мурья нэһилиэктэригэр, Нерюнгрига Иенгра уонна Чульман нэһилиэктэригэр гаас киириэҕэ. Газпром ороскуоту бэйэтигэр ылыныаҕа. Онон «Сибиир күүһэ» турба ааһар сүүрбэттэн тахса нэһилиэккэ хампаанньа суотугар күөх төлөн ситимэ тардыллыаҕа.
This post was published on 21.06.2022 14:01 14:01