Максим Аммосов төрөөбүтэ 125 сылыгар анаан кинигэ-альбом бэлэмнэнэр

Биллэр судаарыстыбаннай уонна политическай деятель М.К. Аммосов төрөөбүтэ 125 сылыгар киниэхэ анаммыт кинигэ-альбом таһаарыллара былааннанар. Дьаһал чэрчитинэн мунньах буолла. 

Кинигэ-альбом оҥоруутун бырайыагын Нам улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Мария Игнатьева оҥордо. Редакционнай хамыыһыйа ол кэннэ бэйэтин этиилэрин киллэрдэ. Бэрэссэдээтэл Афанасий Владимиров: «Дириҥ ис хоһоонноох уонна хаачыстыбалаах кинигэ тахсарыгар эрэллээхпит», — диэтэ.

Былаан быһыытынан, саҥа үбүлүөйдээх научнай-популярнай таһаарыы «Бессмертный Максим» диэн ааттаах, Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ 125 сылыгар ананар.

This post was published on 27.09.2021 17:02 17:02