«Саха сирин историята» кинигэ үһүс тома бэлэмнэнэр кэмигэр гуманитарнай институт сотрудниктара Максим Кирович Аммосов Иосиф Виссарионович Сталиҥҥа суругун буллулар. Эрдэ бу сурук баарын туһунан ханна да биллибэтэ. СИА национальнай бибилэтиэкэҕэ сигэнэн суруйар.
Историческайх наука кандидата Ванда Игнатьева уонна историческай наука дуоктара Наталья Бурнашова Россиятааҕы судаарыстыбаннай архыыпка социальнай-политическай история (РГАСПИ) салаатыгар буллулар, чуолаан — Сталин соторутааҕыта аһаҕас билиигэ таһаарыллыбыты архыыбын сорох чааһыгар.
Учуонайдар холбоһуктаах ыстатыйалара таҕыста «М.К. Аммосов: из плеяды национальных лидеров раннесоветской эпохи». Ыстатыйа «Вестник РУДН. Серия: История России» сурунаалга таҕыста, тиэмэтэ «Жизнь наций в СССР в 1920-1950-е годы».
This post was published on 28.09.2020 18:01 18:01