22 Сэтинньи 22.11
  • -34°
  • $ 100,68
  • 106,08

Москваҕа Максим Аммосов 125 сылынан мас тардыһыытыгар турнир ыытыллыаҕа

17:03, 14 июля 2022
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Максим Аммосов 125 сыллаах үбүлүөйүнэн уонна Саха АССР 100 сылынан Москваҕа мас-рестлиҥҥэ аһаҕас турнир тэрийэллэр. Күрэхтэһиигэ дойду кииниттэн күүстээх спортсменнар кытталлара күүтүллэр, диэн СИА иһитиннэрэр.

Күрэхтэһии кыайыылаахтара уонна призердара сыаналаах бириистэринэн, мэтээллэринэн, грамоталарынан наҕараадаланыахтара. Күрэхтэһии эр дьон ортотугар — 75, 90, 125 кг диэри, ону тэҥэ  дьахталларга 65 уонна 85 киилэҕэ диэри буоллаҕа. Баарҕалаахтар бары кытталлара көҥүллэнэр.

Турнир тэрийээччилэринэн Бүтүн Арассыыйатааҕы мас-рестлинг федерацията, Нам улууһа, спорт национальнай көрүҥнэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ, Москваҕа баар мас-тардыһыытын федерацията буолаллар.

Бэлиэтээн эттэххэ, Коломенскайга бу күн үгэс буолбут Ыһыах бырааһынньыгын тэрийиэхтэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА