Кэбэргэнэҕэ Майыар орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Сахабыт сиригэр ырыа бырааһынньыгын күнүгэр аналлаах ырыа ыһыаҕын ыстылар.
«Ырыа ыллыгынан» кэнсиэргэ уолаттар ансаамбыллара, биирдиилээн ырыаны сөбүлүүр кыттааччылар, кыргыттар уонна уопсай хор төрөөбүт дойдуларын, дьиэ кэргэн, дьоллоох оҕо саас, доҕордоһуу, эйэ туһунан ырыалары бэлэхтээтилэр. Төрөппүттэр «Осикат» фольклорнай ансаамбылы кытта «Ийэ, сыллаан ылыым дуу» ырыаны оҕолорун өйөөн ылластылар.
Оҕолор Ырыа күнүгэр сүргэлэрэ көтөҕүллэн, үөрэн-көтөн кытыннылар.
«Ырыа диэн бу айылҕа биир дьикти көстүүтэ. Ырыаттан норуот кимэ-туга, хайдаҕа көстөр. Ыллыыр омук инникилээх омук, ыллыыр омук эрэллэх омук, ыллыыр омук кэскиллээх омук. Онон биһиги ырыаны өрө тутуохтаахпыт», – диэн бөлөһүөк К.Уткин эппитэ оруннаах. Майыар оскуолата, муусука учуутала Альбина Соломова ыччаттары ырыаҕа тардара, Ырыа күнүгэр суолта биэрэрэ, көҕүлүүрэ хайҕаллаах, суруйда @ hotugukyym
This post was published on 23.05.2024 13:01 13:01