Маймаҕа оскуола-саада сөргүтүллэригэр "Эффект мамонта" пуонда көмөлөстө

Быйылгы халаан уутугар Маймаҕа нэһилиэгэр оскуола-саад 100% эмсэҕэлээбитэ. Туох баар миэбэллэрэ, үөрэнэр кинигэлэрэ, оргтехникалара ууга барбыта.

Оскуола-сад дьиэтэ туох да ирдэбилгэ эппиэттээбэт буолан, улуус, олохтоох дьаһалталар быһаарыыларынан «Кыталык» культура киинин дьиэтигэр көһөн киирэргэ күһэллибиттэрэ. Улуус нэһилиэктэрин оскуолалара уонна уһуйааннара миэбэл, учебник, оргтехника о.д.а. көмө быһыытынан биэрбиттэрэ. Ону сэргэ атын улуустартан, нэһилиэктэртэн көмө кэлэ турар.

Биир сүҥкэн көмөнү киэн туттар биир дойдулаахпыт Эдуард Гаврильев, норуокка биллэринэн Эдик Якут, оҥордо. Ол курдук, Екатерина Кузьмина президеннээх «Эффект Мамонта» айылҕа уонна культура нэһилиэстибэтин өйүүр уонна харыстыыр фонданы кытта кэпсэтэн, фонда 300 киилэлээх саҥа оборудование аҕалла. Манна ноутбук, проектор, экран интерактивнай дуоска, сканердаах принтер о.д.а. барыта баар. Оскуола-сад коллектива саҥа тэриллэри арыйан номнуо туһана олорор.

Хаартыска: Анна Созонова

«Эффект Мамонта» айылҕа уонна культура нэһилиэстибэтин өйүүр уонна харыстыыр фонда Арктика регионнарыгар экспедициялары тэрийэр, ону таһынан хоту оскуолаларын чөлүгэр түһэрэр сыаллаах үлэлиир. Быйылгы халаан уута дьон-сэргэ олус сомоҕолоһуулааҕын көрдөрдө. Эдуард Гаврильев кыһалҕаҕа кыһарыйтарбыт биир дойдулаахтарыгар көмөлөһөр инниттэн бу фонданы кытта ыкса үлэлээн, маннык балысхан көмө оҥоһулунна. Онон, фонда киин улууска бастакытын маннык көмөлөстө.

Биир дойдулаахпытыгар Эдуард Гаврильевка уонна фонда президенигэр Екатерина Кузьминаҕа барҕа махталбытын тиэрдэбит. Эһиги көмөҕүтүнэн кэнчээри ыччаппыт үөрэх-билии өттүнэн үүнэр-сайдар кыахтанна. Үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри, тус бэйэҕитигэр кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну баҕарабыт.

Ааптар: Анна Созонова, «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата

This post was published on 29.10.2024 14:05 14:05