«Кыталык» культурнай-спортивнай киини Нам улууһун Маймаҕа сэлиэнньэтигэр арыйдылар. Эбийиэк үлэҕэ «Мин Сахам сирэ 21 үйэҕэ» үтүө дьыала бырагырааматынан тутуллан киирдэ.
Эрдэ култуура дьиэтэ 1901 сыллааҕы тутууга үлэлиирэ. Саахалланар туруктааҕынан биллэриллибитэ. Саҥа эбийиэк үтүө дьыала бырагырааматынан тутулунна.
«Күүтүүлээх тутуу үлэҕэ киирдэ. Үбүлээһинэ 30 мөл солк тэҥ. Норуот тутуутун быһыытынан билиниллэн өр сыл хамсааһын кэннэ, 2017 сыллаахха Үтүө дьыала дирекцията өйөөбүтэ», — култуура миниистириин бастакы солбуйааччыта Владислав Левочкин эттэ.
«Кыталык» киини Саха сирин култууратын туйгуна, Россия үөрэҕириитин туйгуна Анисия Павлова салайар. Анисия Егоровна ыстааһа — 51 сыл, онтон 15 сылын култуура эйгэтигэр анаата.
Олохтоох кулуупка 11 тэрээһиннээх дьаһал баар, онно 149 киһи хабыллар, култуура министиэристибэтин пресс-сулууспата суруйар.
This post was published on 09.02.2021 16:02 16:02