Майа сэлиэнньэтин олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, рационализатор Константин Лонгинов сыллата тыа хаһаайыстыбатыгар туһалаах, тыа сирин дьонун үлэтин чэпчэтэр сыаллаах тэриллэри айан-тутан оҥорор. Манан кини бүппэт түбүктээх тыа үлэһит дьонун үлэтин чэпчэтэн, тыа хаһаайыстыбатыгар сэмэй кылаатын киллэрсэр.
Константин Иннокентьевич сайын от үлэтин чэпчэтэн түргэнник оту мунньууга, кэбиһиигэ, тиэйиигэ туттарга оҥорбут тэриллэрин оттуур дьон биһирээн тутталлар. Ол курдук ааспыт сылга “ЗИЛ” массыынаттан оту сүөкүүр тэрили оҥорбутун туһаммыт дьон махталлара муҥура суох.
Дьиэ таһын хаарын таһарга анаан ньаалбаанынан обургу хаар соһору оҥорон туора күрдьэҕинэн быһан уончата кырынар хаарын биирдэ соһон кэбиһэр.
Боробулуоханан баайан икки өттүгэр сүрэхтээх тууну оҥорбута балыгы толору баһар. Хайыһардар үрдүлэригэр тимир атахтардаан, былааҥка мастарынан туорайдаан салааска оҥорбута. Бу үрдүгэр куйуурун малларын, куул балыгы аа-дьуо ууран соһор.
Ааспыт күһүн ынах хара иһин, ол эбэтэр, буотарагын түргэнник уонна ыраастык сууйар ньыманы толкуйдаан олоххо киллэрдэ. Дьиэҕэ да, күөлгэ да түргэнник сууйарга аналлаах тэрили уу турбатын быһан, мас атахтарга турар 5 л истээх пластик бытыылканы кырааннаан оҥорбут тэрилэ оһоҕоһу сууйарга олус үчүгэй. Буотарагы иилбит боробулуохатын турбатыгар сыабынан хараҕалыыр. Күөлгэ 3 ойбону бэйэ-бэйэлэриттэн чугас алларан баран иилбит буотарагын бастакы ууга улаханын, онтон хаалбытын иккис ууга уонна бүтэһигин үһүс ыраас уулаах ойбоҥҥо сайҕаталаан кэбиһэр, суруйда @gazetaerkeii
This post was published on 04.04.2024 16:59 16:59