В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ «Бэрэсидьиэн күрэхтэһиилэрэ» Бүтүн Арассыыйатааҕы спортивнай дьаһалга эрэгийиэннээҕи үһүс түһүмэҕэр кыайыылаах аатын сүктүлэр. Бу дьыл балаҕан ыйыгар оҕолор Краснодар кыраайын Анапа куоратыгар Бүтүн Арассыыйатааҕы түһүмэххэ Саха сирин чиэһин көмүскүү барыахтара.
Эдэр спортсменнар түөрт түһүмэҕи туйгуннук аһардылар: чэпчэки атлектиканы, айар куонкуруһу, теория түһүмэҕин уонна чэпчэки атлетика многоборьетын. Хамаанда 7 «в» кылаас үөрэнээччилэриттэн састааптаах: Айтал Иванов, Ярик Васильев, Коля Жирков, Люба Сыромятникова, Аня Шестакова уонна Алена Михайлова.
Тириэньэрдэрэ Игнатий Прохоров күрэхтэһии туһунан маннык кэпсиир:
— Бэйэҥ өрөспүүбүлүкэҕин улахан таһымнаах күрэхтэһиигэ көмүскүүр хас биирдии спортсмеҥҥа үрдүк чиэс уонна тус кыайыы буолар. Биллэн турар, күрэхтэһии үтүө түмүгэ элбэх сыралаах үлэттэн кэлэр. Түһүмэхтэр бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаспат, ураты буоллулар. Биирдиилээн, хамаанданан күрэхтэһиилэр кыргыттарга уонна уолаттарга диэн тус-туһунан кэтэхтэн ыытылыннылар, теориятыгар оҕолор физическэй култуура, успуорт, Олимпийскай хамсааһын тиэмэлэригэр эппиэттээтилэр. Многоборьеҕа 100 м сүүрүү, олорон эрэ умса нокулуон, перекладинаҕа тардыныы, пресс хачайдааһын, миэстэттэн уһуну ыстаныы түһүмэхтэрин аастылар.
Эдэр спортсменнарбытыгар өрөспүүбүлүкэбит чиэһин ситиһиилээхтик көмүскүүллэригэр баҕарабыт, суруйда «Эркээйи» хаһыат @gazetaerkeii
This post was published on 16.06.2021 18:01 18:01