Майа сэлиэнньэтигэр биир кэлим сахалыы эйгэни тэрийэр үлэ чэрчитинэн олунньу 26-28 күннэригэр дырыһааҥкы күнэ буолан ааста. Мантан инньэ ый аайы бу чыыһылаҕа саха аһын күнэ ыытыллар буолуоҕа. Бу саҕалааһыны Майа дьону аһатар урбаанньыттара өйүүллэрин биллэрдилэр.
Кулун тутар — Дьөһөгөй ыйа үүннэ. Биһиги, майалар, бу ыйга саламаат күнүн ыытыахпыт, кафеларбыт дырыһааҥкыны, саламааты бэйэлэрин күннээҕи астарыгар баар оҥоруохтара диэн эрэнэбит, диэн суруйдулар mayasonun инстаграм-сирэйигэр.
Дьиэ кэргэҥҥэ ийэлэр, эбэлэр саха иҥэмтэлээх аһын астаан, оҕону-ыччаты төрүт ас култууратыгар сыһыарар бэйэлэрин уопуттарын, сатабылларын үллэстэллэрин куйаар эйгэтигэр сырдаталларын күүтэбит.
Сайдыылаах дойдуларга киэҥник тарҕаммыт кето-диета сүрүн уратыта дьиҥ айылҕа аһын өрө тутуу эбит.
Биһиги сахалар төрүт аспыт күндү баайбыт буолар. Сааскы кэмҥэ уҥуоҕу бөҕөргөтөргө дырыһааҥкыттан ордук туох кэлиэй, ханнык искуственнай битэмиин тэҥнэһиэй? Оттон ковид курдук дьаҥы сэрэтиигэ, тыҥаны харыстыырга ынах арыыта инники күөҥҥэ турар ас буолар. Ордук эдэр ийэлэр оҕолоро, кэргэннэрэ уонна бэйэлэрэ чэгиэн уонна кэрэ көстүүлээх буолалларын туһугар араас химическэй эбиликтээх, саахардаах, геннэй уларытыылаах астартан, утахтартан аккаастанан бэйэбит дойдубут тыыннаах аһыгар көһөргүт сөптөөх, диэн суруйда Евдокия Решетникова.
This post was published on 02.03.2021 12:01 12:01