23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Майа болуоссатыгар муус кэрэтин арыйдылар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ааспыт бээтинсэҕэ мааны Майаҕа биир кэтэһиилээх кэрэ тэрээһин буолан, айар куттаахтары Комсомольскай болуоссакка түмэ тарта. «Мэҥэ муус» диэн аатынан сэттис төгүлүн ыытыллыбыт муустан чочуллубут оҥоһуктар аһаҕас куонкурустарыгар идэлэрин баһылаабыт дьон ыраахтан-чугастан, инньэ Кытайтан тиийэ, мустан күрэхтэстилэр.


Майатааҕы куонкуруһу улуус уонна сэлиэнньэ дьаһалталара, култуура уонна үөрэх управлениелара сүбэлэрин холбоон, урбаан эйгэтиттэн Руслан Федотов уонна «Сардаана» маҕаһыыннарын кытыаран, тэрийэн ыыттылар.

Тэрээһин төһө кыалларынан үрдүк таһымнаахтык ыытылынна диэн сыаналанар. Кыттааччылары эбиэттэригэр биир кэлим итии аһылыгынан «Кыталык» оҕо-ыччат эстетикатын киинигэр аһаттылар. Ону тэҥэ, итии чэйи, кофены хаһан баҕарар киирэн иһэн тахсыахтарын сөбө. Сайаапкаларынан, улахан дьон 11 уонна оҕолор 9 хамаандаларыгар анаан биэстии, 1,0 х 0,5 х 0,25 м кээмэйдээх, муус билиитэлэри Мундулаахтан аҕалан бэлэмнээбиттэрэ. Ол эрээри, Нам улууһуттан өссө биир хамаанда эбии кэлэн, олорго «Кыталык» киин муус оҥоһукка анаан бэлэмнээбит муустарын туран биэрдилэр. Онон, Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх Григорий Максимов уонна Андрей Осипов «Алыптаах Мэҥэбит» композицияларын атыттартан туспа, үҥкүү, эстетика киинин таһыгар чочуйдулар.

Күрэхтэһии 10 чаастан саҕаланна. Айар куттаахтар муустарын кытары үлэлэспитинэн бардылар. Оҕолор бу сырыыга улахан киһини көмөлөһүннэрэн, бэйэлэрин идиэйэлэринэн үлэлээтилэр. Бу иннинэ икки сыл хаарга үлэлээбит буоллахтарына, быйыл кинилэри боруобалаан мууска кытыардылар. Иккилии киһилээх хамаандаларынан 31 улахан киһи уонна 9 оҕо кытынна. Оҕолорго алта уол уонна үс кыыс, 7-10 кылаастар үөрэнээччилэрэ, мууһу кытары үлэлэһиигэ дьоҕурдарын тургутуннулар. Дьүүллүүр сүбэ үлэлэри тиэмэлэрин төһө арыйбыттарынан, матырыйаалы таҥастааһыҥҥа маастарыстыбаларынан, идиэйэлэрин олоххо төһө толору киллэрбиттэринэн, бэриллибит матырыйаалы төһө толору туһана сатаабыттарынан көрөн сыаналаата. Киһи тыына бургучуйар тымныытыгар мууһу чочуйааччылар, Италия улуу худуоһунньуга, скульптора, архитектора Микеланджело Буонарротти тылларынан эттэххэ, муустан наадата суох ордугун быһыы үлэтин үөһүгэр төбөлөрүнэн түстүлэр. Композицияларын бүтэрэллэригэр киэһэ 7 чааска диэри бириэмэ бэриллэн, бары ситэрэ сатаатылар. Дьүүллүүр сүбэ дьоно сыаналыыр үлэлэрин киэһэ 5 чаастан саҕалаатылар.

Кыттааччылартан сорохторун кытары эбиэт кэмигэр кэпсэттибит. Харбин куорат олохтоохторо, 41 саастаах Ван Сяолинь уонна 31 саастаах Ян Цзяци тылбаасчыттара Богдан Игнатьевы кытары сылдьаллара. Ван араас кыра оҥоһуктары, сувенирдары оҥорор эбит. Ян ‒ скульптуралары. Онон килиэптэнэллэр диэн өйдөөтүм. Иккиэн үрдүк үөрэхтээхтэр. Саха сиригэр бастакы сылдьыылара. Улахан тымныыбытыгар кэлбэтэх буоланнар буолуо, олохтоох килиимэти «Харбиҥҥа курдук» диэбиттэрэ. «Тыалбыт тиийбэт», ‒ дииллэр дьонуҥ, хата. Үөһээ Бүлүү уола Богдан ХИФУ омук филологиятын уонна эрэгийиэннэри үөрэтии (урукку омук тылларын факультета) институтугар төрдүс кууруска үөрэнэр. Кытайдары арыаллаан харчылаһа уонна быраактыкатын бара сылдьарын этэр.

Маттаттан кэлбит Аркадий Сивцев муус оҥоһуктар култуура, успуорт эстэпиэтэтигэр киллэриллэ сылдьыахтарыттан мууһу чочуйуу күрэхтэһиитигэр кыттар. Кэнники үс сыл Ньургун Стручковтыын бииргэ кытталлар. Оттон Чыамайыкыттан кэлбит Афанасий Мучин иккиһин уонна Аллараа Бэстээхтэн кэлбит Андрей Сазонов бастаан кытталлар. Туох үлэлээхтэрин ыйыппыкка, Чыамайыкы кулуубугар хартыыҥкалара ыйанан туралларын эппиттэрэ.

«Мэҥэ муус» диэн үһүс сылыгар ааттаммыта, ‒ диэн кэпсээтэ куонкурус сүрүн сүрүннээччитэ, көҕүлээччитэ Роман Петухов. ‒ Бастаан Олоҥхо ыһыаҕын бырагырааматынан ыытыллыбыта. 2013 сыллаахха үс сиринэн буолбута. Атласовтар бэйэлэрэ тыл көтөҕөннөр, Сотоҕо баар булуустарыгар илдьэн туруорбуттара. Ураһалаахха икки сыл ыытыллыбыта. Майаҕа үһүс сылбыт. Роман Александрович наар кыттар конкурсаннары ааттаталыырга көрдөспүккэ, Архип Скрябины, Петр Пуховы, кэлиҥҥи сылларга Дьулус Марковы, Намтан кэлэр, былырыын бастаабыт Василий Аргунову аатталаата. Тоҕо биир күҥҥэ ыыталларын кыттааччылар таһымнара үрдээн иһэринэн сибээстээн, биир да күн сөп буоларынан быһаарда.

Хараҥарыыта диод лаампалар уоттара композициялары чаҕылыта сырдаттылар. Тымныы салгыны силэйэр тыҥааһыннаах тыыннаах күрэхтэһии түмүктэрин «Кыталык» киин үҥкүүгэ үөрэтэр саалатыгар таһаардылар. Анастасия Константинова сылтан сыл кыттааччылар таһымнара үрдээн иһэрин, Комсомольскай болуоссакка муус оҥоһуктар туруоруохтарыттан манна сынньана, бириэмэ атаара мустааччы элбээбитин, дьон тохтуурун бэлиэтээтэ. Ол гынан, муус быйыл чараас буолан, үлэлэр бары да «хаптаҕай скульптураҕа» киирсэллэрин эттэ. Төрдүс миэстэлэммиккэ анал бириис олохтоноро наадатын ыйда. Ол кэнниттэн миэстэлэспэккэ хаалбыт конкурсаннарга «Мэҥэ муус» куонкуруска кыттыбыттарын туоһулуур сэртипикээттэри туттартаата.

Майа сэлиэнньэтин баһылыга Дмитрий Тихонов уонна култуура управлениетын начаалынньыга Дмитрий Аргунов миэстэлэспит кыттааччыларга бириистэрин туттартаатылар. Бастаан оҕолору ыҥырдылар. Бастакы миэстэни оҕо ускуустубаҕа уһуйаанын иитиллээччитэ Гелия Васильева настаабынньыга Петр Петуховтыын «Память» диэн үлэлэринэн ыллылар. Иккис миэстэҕэ Маттаттан Радион Андросов Владислав Павловтыын «Герой Попов» уобараһын айаннар таҕыстылар. Оттон үһүс миэстэ В.П.Ларионов аатынан оскуола үөрэнээччитигэр Алеша Жирковка уонна Коммунар Черкашиҥҥа тигистэ. Кинилэр «Воин» диэн композицияны айбыттара. Бастаабыттарга 10-нуу, иккис буолбуттарга 8-тыы уонна үһүс миэстэлэммиттэргэ 7-лии тыһыынча солкуобай табаардар сэртипикээттэринэн көрүлүннүлэр. Улахан дьоҥҥо бастакы миэстэни ылар чиэс Хочоттон кыттар Дьулус Марковка уонна Корнил Никифоровка тигистэ. Үлэлэрэ «Көҥүл тыын» диэн ааттаах. Иккис миэстэни Нам улууһуттан кэлэн кыттыбыт Василий Аргунов уонна Анатолий Аргунов «Төрөөбүт дойдум ‒ Мэҥэм сирэ» үлэлэринэн ыллылар. Үһүс бочуоттаах миэстэ хаһаайыттарынан «Үс бэлиэ» композиция айааччылара Майаттан Архип Скрябин уонна Николай Скрябин буоллулар. Бастаабыттарга 50-нуу, иккис миэстэлэммиттэргэ 30-туу, үһүс миэстэ буолбуттарга 20-лии тыһыынча солкуобайдаах табаардар сэртипикээттэрэ туттарылыннылар.

Оҥорбут, айбыт-туппут үлэлэрэ күн уотугар кылабачыйа Комсомольскай болуоссаты киэргэтэ туралларын Майа уонна улуус бары олохтоохторо өр кэм устата сэргии, астына көрүөхтэрэ.

Дьүүллүүр сүбэҕэ СӨ култууратын туйгуна, М.К.Попова аатынан Майатааҕы оҕо ускуустубаҕа оскуолатын уһуйааччыта, Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаралыгын ааптара Анастасия Константинова бэрэссэдээтэллээтэ. Састаабыгар култуура управлениетын сүрүннүүр исписэлииһэ, СӨ култууратын туйгуна Светлана Чирикова, Майа дьаһалтатын тутууга исписэлииһэ Анастасия Лепчикова, улуус дьаһалтатын тутууга, капитальнай тутууга управлениетын кылаабынай исписэлииһэ Алексей Федоров, үөрэх управлениетын сүрүннүүр исписэлииһэ Рустам Кривошапкин үлэлээтилэр.

Аркадий ИННОКЕНТЬЕВ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА