Майаҕа санавиацияҕа бөртөлүөт былаһааккатын саҥартылар

Мэҥэ Хаҥаластааҕы киин балыыһа территориятыгар авиация былаһаакката саҥардыллан үлэҕэ киирдэ. Бөртөлүөттэр сырыылара оҥоһуллар, доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.


Саха сиригэр санитарнай авиация сайдыытыгар үлэ «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар. Бастакы көмөнү оҥоруу, сүрэх-тымыр, искэн ыарыыларыгар көмө, оҕоҕо медицина көмөтө, медик-исписэлиистэри бэлэмнээһин, цифровизация, национальнай медицинскай киин уонна медицинскэй туризм сайдыыта хайысхалар киирсэллэр.

Мэҥэ Хаҥалас кииннэммит балыыһатын тиэргэнигэр саҥардыллыбыт авиация былаһаакката арыллан үлэлиир. «Полярные авиалинии» авиахампаанньанан бу сылга былаһаакка забора тутулунна уонна сигнал тэрилэ туруорулунна. Саҥа былаһааккаҕа сыл саҕаланыаҕыттан 65 санавиация көтүүтэ оҥоһулунна.

Билигин медицина модуллардаах санитарнай авиация бөртөлүөттэрэ Мииринэй, Орто Халыма, Нерюнгри, Ньурба, Баатаҕай, Тиксии нэһилиэнньэлээх пууннарын кииннэммит балыыһаларын баазаларыгар бааллар.

This post was published on 20.10.2020 14:01 14:01