Майаҕа саҥа култуура киинин тутуута саҕаланна

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр Д.Ф. Ходулов аатынан элбэх фукциялаах култуура-сынньалаҥ комплексын тутуутун бастакы сыбаайата муус устар 15 күнүгэр түстэ. 


1964 сыллаахха тутуллубут Ходулов аатынан норуот театрын дьиэтэ 2014 сыллаахха хаарбах туруктааҕынан биллибитэ. 2015 сыллаахха бу боппуруоһу быһаарыыга нэһилиэнньэ уопсай мунньа5а буолбута. Ол кэннэ бу бастакы сыбаайа түстэ.

Улуус баһылыга Николай Старостин, Ил Түмэн депутата Александр Романов, Майа сэлиэнньэтин баһылыга Тимофей Нестеров, уопсастыбаннас кыттыыны ыллылар. «Улуус дьоно бары күүппүт түгэннэрэ тосхойдо. Ил Дархан Егор Борисов нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүтүгэр улуус уонна нэһилиэк дьаһалталарыгар тыа хаһаайыстыбатыгар уонна аска-үөлгэ, култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэлэрин кытта федеральнай бырагыраамаҕа киирсэн бииргэ үлэлиирбитигэр, дьон сынньанар дьиэтин тутарбытыгар сорук туруорбута. Ол түмүгэр бу бүгүн 300 миэстэлээх комплекс бастакы сыбаайата түстэ», — диэн улуус баһылыга Николай Старостин бэлиэтээтэ.

Бастакы сыбаайаны «Монолит-строй» ХЭУо туруорда.

This post was published on 15.04.2016 19:44 19:44