Майаҕа «Үс саха» түмсүү ыалдьыттаата

Көрсүһүүнү Александр Артемьев–Кулан иилээн-саҕалаан ыытта. Хас биирдии киһи ис туруга чөл буолуохтааҕын, түннүгүнэн элэс гынан ааһар бэрт кылгас сирдээҕи олохпутугар бэйэ-бэйэҕэ болҕомтолоох, олоххо тардыһыылаах, инникигэ эрэллээх буоларга, өйөһөн-өйдөһөн олорорго ыҥырда.

Василий Оконешников наукаҕа тирэҕирэн бэйэтин сонун арыйыыларын дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэрдэ. Кини урановай квантовай компьютер, бэйэтин толкуйунан новемологическай таблицаны оҥорбутун туһунан кэпсээнэ дьон болҕомтотун тарта.

— Киһи буор кута Менделеев таблицатын бары элеменнэриттан турар. Хас биирдии уорганы салайар анал атомнар бааллар. Ол атомнар мөлтөөтөхтөрүнэ киһи ыалдьан барар. Былыргы саха эмчиттэрэ, ойууннар, удаҕаттар киһини илбийэн, түөннээн эмтииллэригэр сорохторо бу ньыманы туһанан эмтииллэр эбит, мөлтөөбүт атомы булан ылан уокка бырахтахтарына, атом трансформацияланан, программата төттөрү көнөн кэлэр. Киһини эмтииргэ химическэй састаабын тэҥнээн биэрдэххэ үтүөрэр, ‒ диир.

Василий Иванович бэйэтэ оҥорбут ньыматынан киһи химическэй састаабын көрөн, 99 бырыһыаҥҥа тиийэ чуолкайдык диагностыыр эбит. Өссө ыарыы хаһыс көлүөнэ өбүгэҕиттэн кэлэрин этэн биэрэр уонна ол өбүгэлэриҥ атомнарын эмтээн кэбиһэр, оччоҕо ол удьуортан бэриллэр ыарыы ситимэ быстан, тохтуур эбит. Кини саха итэҕэлэ религия буолбатах, бу – олох олоруу философията. Итэҕэл искиттэн тахсар, кими итэҕэйэриҥ, ылынарыҥ бэйэҥ көҥүлүҥ диир. Кэлэр кэрдиис кэмнэргэ киһи-аймах эмп-томп, хирургия көмөтүнэн буолбакка, атомнары салайыынан эмтэнэр кэмнэрэ кэлиэхтэрэ диэн бүк эрэллээх.

Алексей Божедонов–Сырдык киһи олоҕор дьайар боростуой ньымалары булбутун билиһиннэрдэ. Кини түөрт эйгэҕэ: Күҥҥэ, Салгыҥҥа, Сиргэ, Ууга махтана сылдьыахтаахпытын санатар.

— Күҥҥэ махталыҥ тиийбэт буоллаҕына төбөҥ ыалдьар, Салгыҥҥа – тыынар уорганыҥ, Сиргэ – ис уорганыҥ, ууга – сүһүөхтэриҥ ыалдьаллар. Былыр өбүгэлэрбит аһыы олорон махтана-махтана аһыыллара: уу иһэ олорон Эбэлэригэр, эт сии олорон Сирдэригэр, эҕирийэр салгыннарын иһин Салгын иччитигэр, тыыннаах сылдьар иһин Үрүҥ Күҥҥэ.., ‒ диир.

Кулан мустубут дьону хомус алыптаах дорҕоонунан арчылаата, ыраастаата.

Марелла Баишева

This post was published on 13.01.2016 12:21 12:21