Майа сэлиэнньэтигэр бу күннэргэ Майинскай уулуссаҕа аспаал кутуута саҕаланна.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр суолу оҥоруу туһунан баһылыгы солбуйааччы Вячеслав Санников маннык кэпсиир:
— Майа сэлиэнньэтин олохтоох дьаһалтатын баһылыга Алексей Неустроев Суол пуондатыттан үп-харчы боппуруоһун олох эрдэттэн көмүскээн, бу күннэргэ Майинскай уулуссаҕа аспаал кутуута саҕаланна.
Бэдэрээччик «Мэҥэ Хаҥалас суоллара» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ (сал. Романов А.И.) Советскай уулуссаттан Герой Попов уулуссатыгар диэри, барыта 800 миэтэрэ уһуннаах суолу оҥоруохтаах. Былаан быһыытынан үлэ бэс ыйын 15 күнүгэр түмүктэниэхтээх. Уопсай үбүлээһин 14 мөлүйүөн солкуобайга тахсыста.
Улахан үлэ бара турарынан сибээстээн, бу күннэргэ Майинскай уулусса өрөмүөҥҥэ барбытынан, кылгас кэм устатыгар саптыбыт, суруйда Саха сирэ саайт.
This post was published on 10.06.2024 10:33 10:33