Аан дойдутааҕы оҕо көмүскэлин күнүн бырааһынньыга улууспутугар тэрээһиннээхтик ыытылынна. Бу күн саастарын ситэ илик оҕолору социальнай-реабилитациялыыр киин 20-чэ иитиллээччитигэр чаҕылхай умнуллубат түгэн тосхойдо.
Майатааҕы саастарын ситэ илик оҕолору социальнай-реабилитациялыыр киин оҕолоругар анаан «Мичил», «Сардаана» оҕо саадтарын кырачааннара, киин иитиллээччилэрэ кыттыылаах сэргэх кэнсиэр тэрилиннэ. Улуустааҕы социальнай харысхал управлениетын салайааччыта Иван Шестаков, оҕо уонна дьиэ кэргэн управлениетын салайааччыта Константин Захаров, отдел салайааччыта Ирина Назарова, Майа сэлиэнньэтин депутаттарын бэрэссэдээдэтэлэ Антонина Федорова, киин салайааччыта Александра Яковлева эҕэрдэ тылларын эттилэр. Оҕо көмүскэлин күнүнэн улуустааҕы дьиэ кэргэн уонна ыччат управлениета, эпиэкэ уонна попечительство салаата, «Майа-фарм» тэрилтэтэ оҕолор сайдалларыгар анаан бэлэхтэри оҥордулар, Д.Ф.Ходулов аатынан норуот айымньытын киинин иһинэн үүнэр көлүөнэ тыйаатырын ыҥырыытынан испиктээкилгэ ыҥырыы туттарылынна.
Үөрүүлээх күҥҥэ киин тэлгэһэтигэр сибэкки арааһын мантан сайын олордон уонна бүөбэйдиир «Күөх муннугу» арыйыы буолла. «Күөх муннук» аалай лиэнтэтин киин иитээччитэ Галина Никитина уонна иитиллээччи Ильнур Дьячковскай быстылар.
Оттон Хара нэһилиэгэр устуоруйаҕа хаалар бэртээхэй бэлэх оҥоһулунна. Оҕолорго уонна олохтоохторго анаан эти-хааны сайыннарар тэриллэрдээх уонна мээчигинэн оонньуурга успуорт былассааккаларын үөрүүлээх аһыллыыта буолла. «Хара нэһилиэгэ» МТ баһылыга Дария Назарова төрөппүттэр оҕолорун кытта тэбис-тэҥҥэ эттэрин-хааннарын сайыннаран, чэгиэн-чэбдик сылдьалларыгар анаан былчыҥы эбэр, «хайыһар», «бэлисипиэт» тэриллэрин сакаастаабыттарын иһитиннэрдэ. Дьиэ кэргэн уонна ыччат управлениетын салайааччыта Константин Захаров: «Этэҥҥэ улаатан, сайдан, улууспутун, өрөспүүбүлүкэбитин ааттата сылдьар киэҥ туттар ыччаттарбыт Ньургун Скрябин, Василий Егоров курдук дьоһун дьон буола улаатыҥ!«, — диэн баҕа санаатын тириэртэ.