Майа сэлиэнньэтигэр дьон-сэргэ дьиэ кэргэнинэн сынньанарыгар анаан оҥоһуллубут «Таала Күөл» хаар пааркатын уотун-күөһүн тардан бэлэмнээтилэр, хас биирдии оҥоһугу лаампанан тыктаран сырдаттылар.
Кулун тутар 1 күнүгэр буолар хаар паарка арыллыытыгар бэлэмнэнии үлэ үгэнэ.
Оҕолорбут, ыччаттарбыт сибиэһэй салгыҥҥа дуоһуйа сынньаныахтара, күүс-уох ылыахтара, кинилэргэ үөрүүнү бэлэхтээри айар дьоҕурдаах дьиэ кэргэннэр ыраахтан-чугастан кэлэн чочуйан оҥорбут оҥоһуктарын харыстыахтара диэн эрэнэбит, суруйда @gazetaerkeii
This post was published on 29.02.2024 13:02 13:02