СИА медицинскэй маасканы хайдах сөпкө кэтэри сүбэлэри хомуйан бэлэмнээтэ. Бэйэ-бэйэҕитин харыстааҥ, доруобай буолуҥ. Коронавирус ыарыыга сыстааччы күнүн аайы эбиллэ турар.
Маасканы кэтиэх иннинэ илиигитин анал сириэстибэлэринэн дезинфекциялааҥ эбэтэр мыыланан кичэйэн суунуҥ.
Маасканы муннугутун, айаххытын барытын сабар гына кэтиҥ.
Маасканы кэтэ сылдьан илиигитинэн тутумаҥ, өскөтүн тутан кэбистэххитинэ илиигитин дезинфекциялааҥ.
Мааска сиигирдэ да, атыны кэтиҥ.
Маасканы устаргытыгар кэннинээҕи эрэһиинэтиттэн эбэтэр быатыттан тутан устуҥ. Иннин өттүн тыытымаҥ. Сабыллар контейнерга быраҕыҥ. Ол кэннэ илиигитин кичэллик суунуҥ.
Быраастар этэллэринэн, мааска эрэ туһалаабат, онон атын харыстанар миэрэлэри барытын туһаныҥ.