Маалыкайга Тупсарыныы сылын түөлбэлэр өйүүллэр

Ньурба оройуонун Бордоҥ нэһилиэгэр Тупсарыныы сылынан тэрилтэлэр уонна түөлбэлэр ортолоругар үс улахан күрэх биллэриллибит.


Нэһилиэк баһылыга Наталья Петрова иһитиннэрбитинэн, Маалыкайга 2015 киһи олорор, 9 түөлбэ, 20-чэ тэрилтэ баар. Сааскы, сайыҥҥы ыйдарга ыраастаныы, хомунуу, бэйэ дьиэтин таһын тупсарыныы, көҕөрдүү, саҥардыы үлэлэригэр түөлбэлэргэ уонна тэрилтэлэргэ тус-туһунан күрэх биллэриллибит. Кыайыылаахтарга бириистэр олохтоох бюджеттан көрүллүбүттэр.

«Түөлбэлэр ортолоругар оҕо оонньуур, дьарыктанар былаһааккатын бэйэ күүһүнэн күрүөлээһин ирдэбил быһыытынан турар. Бу күрэххэ «Хотугу» түөлбэ кыайан, 280 тыһ.солк. суумалаах оонньуур кэмпилиэгин ылан, туруорунна. Онтон тэрилтэлэртэн оскуола кэлэктиибэ бастыҥ буолан, 6 снарядтаах оҕо спортивнай кэмпилиэгинэн наҕараадаланна», — диэн кэпсиир баһылык.

Маны таһынан сыл түмүгүнэн «Бастыҥ үлэлээх түөлбэ» 10 кэмпилиэктэн турар оҕо оонньуур, дьарыктанар былаһааккатын ылар чиэскэ тиксиэ.

This post was published on 22.07.2016 17:07 17:07