Ньурба улууһун Бордоҥ нэһилиэгэр «Мэҥэдьэк» отделение сылгыһыттарын кытта сүбэ мунньах буолла.
Кыттыыны ыллылар «Саха сүөһүтэ» генофонда хааһына тэрилтэтин дириэктэрэ Александр Артемьев, солбуйааччыта Егор Посельскай, Бордоҥ нэһилиэгин баһылыга Прокопий Степанов, нэһилиэк депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Станислав Кириллин уонна Ньурба улууһун Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Леонид Ушканов.
«Саха сүөһүтэ» тэрилтэ инженер-зоотехнига Егор Горохов кыстык хайдах ааһан эрэрин, билиҥҥи балаһыанньаны сырдатта. «Быйыл кыстыкка 415 сылгы киирбитэ. Билигин саамай эппиэтинэстээх кэм сылгыга саҕаланан эрэр, онон үлэбитин икки бүк күүһүрдэн биэриэххэ наада», — диэтэ кини.
Нэһилиэк баһылыга Прокопий Степанов быйыл Маалыкай сиригэр «Мэҥэдьэк» отделение оттуур сирин күрүөлүүргэ олохтоох дьаһалта 500 тыһыынча солкуобайы көрөрүн иһитиннэрдэ. Маныаха күрүө тутааччыларга конкурс быһыытынан сүүмэрдээһин ыытыллар. «Арендаҕа бэриллибит сирдэргэ хаһаайын эппиэтинэһи сүгэр. Онон сылгыһыттар уоттан сэрэхтээх буолаллара булгуччулаах. Билигин суут-сокуон кытаатан турар», — диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ салайааччы.
Отделение управляющайа саҥа сылгы базатын тутуутун туруоруста. «Быйыл от хаачыстыбата этэҥҥэ, эбиэс да баар, онон төрүөх да этэҥҥэ буолар ини. Арай хаар халыҥа бэрт буолан сааскы өттүгэр халтыраан, хатааһын эрэ буолбатар. Этэҥҥэ күөххэ үктэниэ этибит. Күрүө-хаһаа наһаа эргэрдэ. Урукку курдук сылгыны барытын биир сиргэ хаайан төрөтүү кыаллыбат. Онон күрүө тутуутугар болҕомто ууруллуон наада. Улахан кыраадалары саҥардыы үлэтин күүскэ ыытыахха наада», — диэн санаатын үллэһиннэ «Мондоку» звенотун старшай сылгыһыта Александр Николаев.
Отделение биригэдьиирэ Степан Хахыров сылгы хаһыылаах сирдэргэ сылдьарын дьаһаннахха сылгыбыт эбиллэрин ситиһиэ этибит диэтэ.
Леонид Ушканов Ньурба улууһун дьаһалтатын аатыттан «Саха сүөһүтэ» тэрилтэҕэ махталын тириэртэ уонна Ньурба улууһун ааттатар Мэҥэдьэк сылгыта үксүүрүн, сайдарын туһугар инникитин да бииргэ үлэлиэхпит диэн бэлиэтээн эттэ. Айылҕа үүнүүнү биэрдэҕинэ, бэйэ улууһугар оҥоһуллар эбиэһинэн хааччыйыыны сыллата, тиһигин быспакка ыытыахпыт диэн эрэннэрдэ.
Көрсүһүү түмүгэр Александр Артемьев, сылгыһыттарга махталын этэн туран, билигин саамай эппиэтинэстээх кэмҥэ кинилэргэ итэҕэйэрин, эрэнэрин биллэрдэ. «Бу үөһээ этиллибит туруорсуулар бары отделение инники сайдыытын этэллэр. Ол эбэтэр сылгы ахсаанын элбэтэр туһугар күрүө-хаһаа, сир-уот, сылгы базата, саҥа техника барыта наада. Биһиги маныаха Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта үлэлэһэбит. Онон үлэ бара турар», — диэтэ Александр Еремеевич, суруйда тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата.
This post was published on 15.04.2024 14:33 14:33