Маалтааныга Андреевтарга сымыыт кыһалҕата суох

Хаартыска: "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала

Горнайга улуус дьаһалтатын иһинэн «Дьиэ кэргэн экономиката» бырагыраама үлэлиир. Үгүс ыал бэйэ хаһаайыстыбатын тэринэн, күннэтэ сибиэһэй астаах.

Ыраах Маалтааны нэһилиэгин элбэх оҕолоох ыаллара Власий, Вера Андреевтар 6 куурусса, 3 саха кууруссатын, 1 саха бөтүүгүн, 6 куһу иитэллэр.

Ыал ийэтэ этэринэн: «Күн аайы 5 сымыыты биэрэллэр, оҕолорбутугар сибиэһэй аһылыгы сиэтэбит, бэйэм торт астыыбын, онно бу сымыыт ыарыы турар кэмигэр олус туһалаах буолла» — диэн санаатын үллэстэр.

Бу курдук, тыа сиригэр үлэһит киһи бэйэ хаһаайыстыбатын тэринэн, билиҥҥи уустук кэмҥэ дьиэ кэргэнигэр эбии дохуот киллэринэрэ үтүө холобур буоллун, суруйда @silatrudagorny

This post was published on 13.12.2023 13:01 13:01