Маай өрөбүллэригэр Саха сирин олохтоохторо хайдах сынньанар былааннаахтарый

Хаартыска: ЯСИА саайта

РФ бырабыыталыстыбатын уурааҕыгар олоҕуран, быйыл маай бырааһынньыктара ыам ыйын 1 — 4 уонна 8 —  11 күннэригэр буолар.

54% респондент дьиэтигэр хаалар былааннаах, 18% даачаҕа эбэтэр дэриэбинэҕэ бараллар. 12% үлэлиир, эр дьон ордук үлэтигэр көрсөр, дьахталларга тэҥнээтэххэ.

6% айылҕаҕа тахсар, 4% Россия устунан күүлэйдиир, 1% — кыраныысса таһыгар тахсар, 1% ыалдьыттыыр.

This post was published on 25.04.2025 11:55 11:55