Маай өрөбүллэригэр хайдах сынньанабыт?

Фото: Мария Васильева/ЯСИА

Быйыл Арассыыйаҕа дьон үөрэммитин курдук уһун өрөбүл көрүллүбэт. Ыам ыйыгар барыта 11 өрөбүл буолуоҕа, онтон үһэ бырааһынньыгынан.

Үлэ уонна эйэ бырааһынньыга быйыл бэнидиэнньиккэ түбэһэр, онон Арассыыйа олохтоохторо үс күн сынньаныахтара: муус устар 29 уонна 30 күннэригэр, ыам ыйын 1 күнүгэр. Түөрт күннээх өрөбүллэр Арассыыйа олохтоохторун Кыайыы күнүн бырааһынньыгынан сибээстээн, ыам ыйын 6- тан 9- гар диэри күүтэллэр.

Кэлиҥҥи уһун өрөбүллэр бэс ыйыгар буолуохтара, манна Арассыыйа күнэ — бэс ыйын 12-тэ, бэнидиэнньиккэ түбэһэр.

This post was published on 21.04.2023 17:05 17:05