"Маай бырааһынньыктара": быйыл хас күн сынньанабыт

Фото: Мария Васильева, ЯСИА

Быйыл Россияҕа үгэскэ кубулуйбут ыам ыйынааҕы уһун өрөбүллэр буолбаттар.

Ыам ыйыгар барыта 11 үлэлээбэт күн баар, ол иһигэр үһэ — бырааһынньыктааҕы.

Саас уонна үлэ бырааһынньыга бэнидиэнньиккэ түбэһэринэн, муус устар 29, 30, ыам ыйын 1 күннэригэр сынньанабыт.

Түөрт күннээх өрөбүл Кыйыы күнүн бырааһынньыгын кытта сибээстээх — ыам ыйын 6 — 9 күннэрэ.

This post was published on 14.04.2023 16:01 16:01