Бу сааскыттан Маҥаныга улахан үлэ барар турар. Бөһүөлэк арҕаа Юбилейнай уонна соҕуруу Лесной уулуссалар олохтоохторугар киин хочуолунайтан ититэр ситим барар магистралын тэлгэтии, ыпсарыы саҕаланна.
Маҥаныга кэлэр кыстыкка бэлэмнэнэллэр. Былааҥҥа киирбит 25 ыал тымныы кыһыны сылаас дьиэҕэ туоруурга бэлэмнэнэр.
– Үлэ тэтимнээхтик бара турар. Бу күннэргэ турбатыттан саҕалаан буолтатыгар, гайкатыгар тиийэ эбии матырыйаал аҕаллылар. Трасса тардыытыгар олохтоох дьон үлэлиир. Горнайдааҕы ОДьКХ учаастагын маастара Илья Чемезов, сыбаарсыктар Станислав Максимов, Владимир Осипов, Василий Попов үлэ тохтообокко барар кыахтаммытыттан санаалара бөҕө. Барыта этэҥҥэ бардаҕына окко киириэххэ диэри бастакы түһүмэҕэ түмүктэниэхтээх. Ол кэннэ күһүн дьиэлэргэ холбонуо, – диэн Маҥаны нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Мария Осипова сырдатта.
Нэһилиэнньэ улахан үлэ барарыгар Ил Дархан Айсен Николаевка, СӨ ОДьКХ министиэристибэтигэр, улуус, нэһилиэк салалтатыгар махталлара муҥура суох. Инникитин үлэ харгыстаммакка кэмигэр түмүктэнэригэр эрэллээхтэр.
Ааптар: Вячеслав Алексеев, @silatrudagorny
This post was published on 10.06.2022 09:01 09:01