Уус Алдан улууһугар Бороҕон бөһүөлэгэр 2008 сылтан «Мүрү оһуордара» уран тарбахтаах иистэнньэҥнэр түмсүүлэрэ ситиһиилээхтик үлэлиир. Манна Екатерина Бочкарева салайыытынан уонча далбар хотун сылдьар. Кинилэр нэһилиэк пааркатын бастакы уочарата аһылларын көрсө ураһаларга оһуордаах-мандардаах сиэдэрэй сабыылары тигэн бэлэхтээбиттэр.
«Олохтоохтор туруорсууларынан, көҕүлээһиннэринэн, нэһилиэк дьаһалтатын өйөбүлүнэн нэһилиэкпит бэлиэ даататын көрсө 2014 сылтан тупсарыы үлэтэ-хамнаһа тиһиктээхтик, көхтөөхтүк ыытыллар. Маныаха быйыл, балаҕан ыйыгар, 1960 сыллаахха тутуллубут пааркабыт сөргүтүллэн, бастакы аҥарын үөрүүлээхтик аһыы былааннанар. Бу кэрэ-бэлиэ күнү көрсө пааркабытыгар норуот күүһүнэн хаптаһын былаһаакка, дьон олорор тырыбыната, роликтыыр былаһаакка, мас күрүө тутуллубуттара, кырааскаламмыттара. Киириигэ тимир аан, аарка, аллея оҥоһулланнар дьоммут-сэргэбит сүргэлэрэ улаханнык көтөҕүллэн сылдьаллар. Онтон соторутааҕыта, «Мүрү оһуордара» түмсүү иистэнньэҥнэрэ нэһилиэк дьаһалтатын өйөбүлүнэн пааркаҕа сценаны кытта силбэһиннэрэр ураһалар ааннарыгар анаан сиэдэрэй таҥас сабыылары тигэн бэлэх ууннулар», — диэн кэпсээтэ нэһилиэк баһылыгын общественнай үлэҕэ солбуйааччы Лена Павлова
Кини «Мүрү оһуордара» тарбахтарын талаанынан, мындыр толкуйдарынан тикпит, оҥорбут тупсаҕай үлэлэринэн араас куонкурустарга, тэрээһиннэргэ куруутун ситиһиилээхтик кытталларын бэлиэтиир. Ону сэргэ, Бороҕоҥҥо буолбут Олоҥхо ыһыаҕын уйгулаах түһүлгэтигэр улуус иистэнньэҥнэрэ, мас, тимир уустара уонна бу түмсүү кыттыылаахтара дьөһөгөй оҕотун толору симэхтэрин оҥорбуттарын, «Аал луук мас» үлэлэрин, Францияҕа «Лоскуйтан тигии» быыстапкаҕа анаабыт иистэрин о.д.а. көрбүт эрэ бары сөҕөрүн, хайгыырын, уостан түһэрбэккэ кэрэ кэпсээн оҥосторун үөрэн, киэн туттан этэр.