Маттаҕа кырдьаҕастарга уонна инбэлииттэргэ аналлаах интэринээт-дьиэ тутуутун хаамыытын РФ Үлэҕэ уонна социальнай көмүскэлгэ министиэристибэтэ билистэ.
Мөҥүрүөн нэһилиэгэр «Демография» национальнай тосхол «Аҕа көлүөнэ» федеральнай барылын иитинэн кырдьаҕастарга уонна инбэлииттэргэ аналлаах 51 куойка-миэстэлээх интэринээт-дьиэ тутуллар. Эбийиэк тутуутун хаамыытын билсэ РФ Үлэҕэ уонна социальнай көмүскэлгэ министиэристибэтин департаменын дириэктэрин солбуйааччы Олег Хохлов кэлэ сырытта. Кини хааһына үбүн суотугар тутуллар үлэ-хамнас хаамыытын миэстэтигэр кэлэн көрдө.
Бэдэрээтчит «Электромонтаж» ХЭУо салайааччыта Василий Пинигин тутуу матырыйаала ситэ кэлбэккэ тахсыбыт бытаарыы туоратыллан, эбийиэги болдьоҕор үлэҕэ киллэрэр соруктаах үлэлииллэрин туһунан эттэ.
Олег Хохлов бу интэринээт-дьиэ ытыктыыр аҕа көлүөнэ дьоммут кырдьар саастарыгар олороллоругар бары өттүнэн эппиэттиир дьиэ буолуо диэн эрэнэрин туһунан этэр, суруйда @gazetaerkeii
This post was published on 29.11.2023 12:02 12:02