Бу сайын бэс ыйыгар бүтүн өрөспүүбүлүкэ устуоруйатыгар кэрэ-бэлиэ күн буолбута. 2023 сыл бэс ыйын 23 күнүгэр Саха сирин мөлүйүөн ахсааннаах олохтооҕо төрөөбүтэ. Бу күнү хас сыл күүппүппүтүй, демографияҕа төһөлөөх үп көрүллүбүтэй!
1985 сыллаахха аан бастаан мөлүйүөн ахсааҥҥа тиийэ сылдьыбыппыт. Онтон уларыйыы-тэлэрийии буолбутугар, үгүс дьон киин сиргэ көһөн барыталаабыттара.
Арассыыйаҕа нэһилиэнньэ ахсаана көҕүрүү турар кэмигэр, чуолаан Саха сиригэр эбиллии буолара үөрүүлээх суол. Онон өрөспүүбүлүкэ тэриллибитэ 100 сылын киэҥник бэлиэтээн баран, мөлүйүөн ахсааны сиппиппит, аны бааттаах кыысчаан саха сайдам ыалыгар төрөөбүтэ үс бүк үөрүүлээх.
Сайын кыыһа Саина
Мөлүйүөн ахсааннаах оҕо бэс ыйын 23 күнүгэр Мииринэй куорат олохтоохторо Арина, Гаврил Онуфриевтар дьиэ кэргэттэригэр иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Бу томточчу төгүрүк ахсаан туолара бэрт кыра хаалбытын билэр буолан, быраастар, бүтүн Саха сирэ, тыҥааһыннаах кэтэһиилэрэ саҕаламмыта. Киин куоракка баар икки Перинатальнай киин күрэстэһэр да курдук буолбуттара. Дьэ, хайаларыгар бааттаах оҕо төрүүр эбитий?
Бу күн өрөспүүбүлүкэҕэ 24 оҕо төрөөбүтэ. Ону хас биирдии оҕо төрөөбүт чааһынан ахсааҥҥа киллэрэн испиттэрэ. Түүн 2 чаас 49 мүнүүтэҕэ Арина Онуфриева оҕолонон, кыракый кыыс бу орто дойдуга төкүнүс гынан, күн сырдыгын көрөн, ытаан бэбээрбитэ. Ону кытта ахтар Айыыһыта айхаллаан, эдьээн Иэйиэхситэ иэрийэ күлэн, уруйдаан ыллахтара…
Кыысчаан кэнниттэн аҕыйах мүнүүтэнэн хойутаан, биир уол оҕо төрөөбүтэ.
Арина хаанын баттааһына үрдүк буолан, эрдэттэн М.Е. Николаев аатынан Национальнай мэдиссиинэ киинин Перинатальнай киинигэр сыппыта. Сахалыы сиэринэн, элбэх киһиэхэ кэпсээбэккэ, онно-манна таһаарбакка, сэмээр этэҥҥэ быыһанарын күүппүттэрэ. Ийэ 40 нэдиэлэтин 2 күн аһардан, бэйэтэ кылбардык төрөөбүтэ. Кыыс ыйааһына 4200 гр, үрдүгэ 56 см этэ.
Сарсыныгар киин үлэһитэ кэлэн, ыһыах видеотун көрдөрбүтүгэр, бары да соһуйан хаалбыттара. Онно Ил Дархан Айсен Николаев Туймаада ыһыаҕар кинилэр ааттарын ааттаан туран, мөлүйүөн ахсааннаах олохтооҕунан эҕэрдэлээбит этэ.
— Кэргэммэр урукку кэллиэгэтэ эрийэн, эҕэрдэлээбит этэ. Кыыһын таһаараары, таҥаһын-сабын бэрийэн, маҕаһыыннары кэрийэ сылдьар киһи, соччо өйдөөбөтөх. Көннөрү оҕоломмуппунан эҕэрдэлиир дии санаабыт. Онтон мин эрийбиппэр, видеотун ыытан көрдөрбүппэр, бастаан итэҕэйбэтэҕэ, онтон соһуйан, массыынатыгар 5 мүнүүтэ хамсаабакка олорбут этэ. Олус долгуйбуппут, үөрбүппүт.
“Хайдах эрэ эппиэтинэспит өссө улааппыт курдук. Оҕобутугар, олохпутугар да сыһыаммыт уларыйда, бу үрдүк эрэли толорон, оҕолорбутун киһи киэн туттар дьоно буола улааталларын курдук иитиэх тустаахпыт…”
Кыыспытын сайын кыыһа Саина диэн ааттаабыппыт. Билигин лоп курдук 5 ыйын туолла. Бэйэтэ эргийэр, киһини көрөн үөрэр, күлэр, албыннаһар, “кэл” диэтэххэ, илиитинэн даллаахтаан, кэлэ сатыыр. Алларааҥҥы икки тииһэ тахсыбыта, үөһээҥҥитэ тахса сатыыр. Толору ийэ үүтүнэн эмсэхтэнэр, эбии аһылыкка киирэ иликпит. Ыйааһына 9 киилэ буолла, — эдэр ийэ манньыйа, дьоллоно кэпсиир.
Саха сайдам ыала
Онуфриевтар иккиэн “АЛРОСА” хампаанньаҕа үлэлииллэр. Арина Орто Халыматтан төрүттээх, уончалаах эрдэҕинэ, Дьокуускайга көһөн кэлбиттэрэ. Төрөппүттэрэ куоракка бааллар, икки бырааттаах. ХИФУ геологическай факультетын бүтэрбитэ, гидрогеолог идэлээх. “Якутнипроалмаз” бырайыактыыр институтугар үлэлиир.
Гаврил Бүлүү Хампатыттан төрүттээх. ХИФУ физическэй-тиэхиньиичэскэй факультетын бүтэрбитэ. “АЛРОСА” алмааһы наардыыр киинигэр үлэлиир. Дьоно Хампаҕа олороллор.
Уоллаах кыыс идэлэринэн Мииринэйгэ үлэлии кэлэн баран, чугастык билсэн, таптаһан, 2012 сыллаахха ыал буолбуттара. Улахан кыыстара төрөөбүтэ.
-Мииринэйгэ олорор үчүгээй, — диир Арина. – Оҕолорго наһаа үчүгэй, туох барыта баар. Бассейн, бибилэтиэкэ, киинэ тыйаатыра, поликлиника, оҕо былаһаакката барыта чугас турар. Көбүс-көнө суоллардаах, күп-күөх куорат. Дьон-сэргэ оҕоҕо сыһыана олус сылаас, эйэҕэс.
Эдэр ыал иллэҥ кэмнэригэр айанныылларын, айылҕаҕа сылдьалларын сөбүлүүллэр. Массыыналарыгар олордулар, балааккаларын ыллылар да, хоно-өрүү, балыктыы баран хаалаллар. Сайын дьонноругар Дьокуускайга айаннатан кэлэллэр. Омук да сирдэригэр сылдьаллар. Эһиил сайын, баҕар, массыынанан ыраах Владивостокка барыахпыт дэһэллэр.
Ийэлэрэ астыырын сөбүлүүр, минньигэс туорт арааһын, бөрүөктэри, меренга рулеттары астаан күндүлүүр. Бырааһынньыктарга баай-талым сандалыны тэрийэр. Ону тэҥэ, кэргэнин кытта стадиоҥҥа сүүрэллэр.
Кыыстара Валерия ускуустуба оскуолатын художественнай кылааһыгар дьарыктанар, аҕатын кытта бассейнҥа сылдьаллар. Аҕалара волейболист.
-Дьиэбитигэр сахалыы кэпсэтэбит да, манна нууччалыы эйгэ баһыйар, кыыспыт кэлин бэйэтэ баҕаран, сахалыы саҥара сатыыр буолла. Кыра кыыспытын олох сахалыы иитиэхпит дии саныыбыт, — диэн ийэлэрэ кэпсиир.
“Эппиэтинэспит улаатта…”
Үөрүүлээх сураҕы истээт, “АЛРОСА” хампаанньа 2,4 мөлүйүөнү биэрэн, ипотеканан ылбыт дьиэлэрин кирэдьиитин толору сабан кэбиспиттэрэ. “Алмаасэргиэнбаан” кыыс кэлин үөрэнэригэр диэн 1 мөлүйүөнү анаабыта. Бу хапытаал сыллата 8% эбиллэн, үүнэ-үрдүү сытар.
Маны тэҥэ, Дьиэ кэргэн күнүгэр Ил Дархан, бырабыыталыстыба аатыттан дьиэ ыларга диэн 3 мөлүйүөн солкуобайдаах сэртипикээти туттарбыттара. Онон Онуфриевтар махталлара улахан.
1985 сыллаахха “мөлүйүөннээх олохтоох” Василий Герасимов төрөөбүтүгэр, ол бэлиэ түгэҥҥэ биэрбит анал мэтээллэрин тус бэйэтэ аҕалан, кыыска туттарбыта туспа долгутуулаах түгэн этэ.
-Хайдах эрэ эппиэтинэспит өссө улааппыт курдук. Оҕобутугар, олохпутугар да сыһыаммыт уларыйда, бу үрдүк эрэли толорон, оҕолорбутун киһи киэн туттар дьоно буола улааталларын курдук иитиэх тустаахпыт, — диэн ыал ийэтэ долгуйарын кистээбэт.
Өрөспүүбүлүкэ устуоруйата – дьон дьылҕата. Күннэтэ улаатар, сайдан иһэр оҕолор, күн түбүгүн сырсар, үлэлээн-хамсаан, дьиэ кэргэн уйгутун уһансар ыаллар, айар-тутар үлэһиттэр… Саха сирин арҕаа өттүгэр олорор маннык сайдам ыал баарыттан санаа чэпчиир, дууһа үөрэр.
Хаартыскалар: Онуфриевтар тус архыыптарыттан.
This post was published on 27.11.2023 13:01 13:01