Люлия Григорьева норуокка анаммыт олоҕун чиэстээтилэр

Бэҕэһээ, ыам ыйын 31 күнүгэр, Емельян Ярославскай аатынан Саха музейыгар Люлия Николаевна Григорьева төрөөбүтэ 75 сааһыгар анаммыт “Норуокка анаммыт олох” диэн ый устата үлэлээбит быыстапка үөрүүлээх сабыллыыта буолан ааста.


Бу сэргэх тэрээһини, Саха Республикатын Дьахталларын хамсааһынын Сойууһа, бэрэссэдээтэл Анжелика Андреева тэрийэн ыытта. Бу күн Люлия Николаевна өр сылларга бииргэ алтыһан ааспыт дьүөгэлэрэ, республика сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрсэ сылдьар биир идэлээхтэрэ, эдэр көлүөнэ лидер кыргыттар түмсэн, ытыктыыр сүбэһиттэрин, айылҕаттан дьоҕурдаах салайааччыны, аҕа табаарыстарын ис сүрэхтэн эҕэрдэлээтилэр.

Быыстапкаҕа Люлия Григорьева араас сылларга ылбыт наҕараадалара, грамоталара, тутта сылдьыбыт мала-сала, киниэхэ бэлэхтээбит хартыыналара, олоҕун кэрчиктэрин толору кэпсиир хаартыскалара, дьоһуннаах үлэтин туоһулуур докумуоннара туруоруллубуттара. Үрдүкү Сэбиэт Бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьан кэппит сааскы соно, мааны сэлээппэтэ дьон-сэргэ биһирэбилин ылла. Быыстапканы Саха музейа уонна Майатааҕы краеведческай музей кыттыһан, экспонаттары түмэн тэрийбиттэр.

75-с хаарын санныгар уулларбыт, икки оҕо күн-күбэй ийэтэ, эйэҕэс эбээ, элэккэй хос эбээ, Сахабыт сирэ сайдарыгар олоҕун анаабыт общественник, лидер дьахталлартан биирдэстэрин Люлия Григорьеваны бу күн атыы-промышленнай Палататтан Г.С. Васильева эҕэрдэлээтэ уонна Үлэ Бочуоттаах бэтэрээнэ диэн бэлиэни туттарда.

Люлия Николаевна Саха сиригэр Дьахталлар хамсааһыннарыгар урукку өттүгэр үлэтин-хамнаһын көрдөрөр, кэпсиир Национальнай архыыптан, бастакы солбуйааччы Н.Н.Малышева бу курдук эҕэрдэлээтэ: «Быйыл үбүлүөйдээх сылынан олус элбэх хомуурунньук күн сирин көрдө. Люлия Николаевна көмөтүнэн, биһиги архыыппытыгар “Женщины- Председатели Верховного Совета РС(Я)” диэн анал фонда арыллыбыта. Онон Сахабыт сирин 43 сыл устата салайан олорбут , 5 саха чулуу дьахталларын туһунан, баай ис хоһоонноох фонда хомуллан, салгыы сайдарыгар үлэлэһэ олоробут», — диэн бэлиэтээн ааста.

Биир эйгэҕэ алтыһа сылдьар дьүөгэлэрэ, комплекснай киин салайааччыта Н.Н.Пахомова, “Үһүс көлүөнэ оскуолатын” салайааччыта Т.П. Аргунова, СР Ыччакка уонна дьиэ кэргэн боппуруостарыгар министри бастакы солбуйааччы В.П.Лукина махтал тылларын, эҕэрдэлэрин эттилэр, сэмэй бэлэхтэрин, сибэкки туттардылар.

Түмүккэ, Люлия Николаевна саха чулуу, муударай дьахтарын эрэ быһыытынан буолбакка, дьиэ кэргэн далбар хотуна, төрөппүт, ийэ, дьүөгэ быһыытынан барыбытыгар холобур буоларын бэлиэтээн эттилэр. Кини дьону таптыыр, кыһалҕалаахха көмөлөһөр, элэккэй, үөрүнньүҥ майгытын, бэйэтин сааһыгар эдэрчи көрүҥнээҕин бэлиэтээн туран, «өссө да уһун сылларга, бииргэ үлэлиэххэ, үтүө сүбэһит буола тур» диэн махтал, хайҕал тылларынан тэрээһини түмүктээтилэр.

Люлия Николаевна — сатабыллаах салайааччы, СР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бэрэссэдээтэлинэн, РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан, Саха Республикатын социальнай харыстабылын мириистиринэн үлэлээбит, СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СР Ытык Сүбэтин салайааччыта, СР Бочуоттаах олохтооҕо, Мэҥэ-Хаҥалас, Эбээн-Бытантай улуустарын, Нөөрүктээйи, Быракаан уонна Хаптаҕай нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо.

This post was published on 01.06.2016 13:38 13:38