Дьокуускайга Перинатальнай киин үөрүүлээх быһыыга-майгыга тохсунньу 25 күнүгэр аһыллыаҕа. Саҥа тутуу уопсай суумата 3 миллиард 839 мөлүйүөн 225 тыһыынчаҕа тэҥнэһэр. Онтон 798 мөлүйүөнэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрүллэр.
Федерация бырагырааматынан тутуллар эбийиэк, бастакы былаанынан, 2016 с. саас түмүктэниэхтээҕэ. (2013-2016 сс. федеральнай бырагыраама Арассыыйа 30 субъегар 32 перинатальнай киин тутуутун көрөр). Ол гынан баран, Саха сирин уустук килиимэтэ, тутуу матырыйаалын өрөспүүбүлүкэ таһыттан атыылаһыы, аҕалыы уо.д.а. биричиинэлэр болдьоҕу атахтаабыттара.
Киин инники үлэтин-хамнаһын туһунан СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Людмила Вербицкая үллэһиннэ:
— Үлэ барыта былаан быһыытынан баран иһэр. Медицинскэй тэриллэрбит толору аҕалылыннылар. Эмтиир тэриллэр Арассыыйаҕа уонна омук сиригэр оҥоһуллубуттар. «Мерседес» мааркалаах реанимобиль атыыластыбыт. Кииммитигэр эпэрээссийэлиир хостор хас этээс аайы кэриэтэ бааллар. Холобур, бастакы этээскэ суһал эпэрээссийэлэри оҥоруохпут. Ханнык баҕарар эмтиир тэрилтэ «сүрэҕинэн» — эпэрээссиийэ хоһо буолар. ИВЛ «Hamilton” аппараат РФ Президенэ Владимир Путин сорудаҕынан ылылынна. Бу күүстээх уонна аныгы тэрил Арассыыйаҕа боруобалааһыны ааһан турар. Маннык үрдүк хаачыстыбалаах медицинскэй тэриллэрдээх эбийиэк өрөспүүбүлүкэҕэ өссө суоҕа. Эмчиттэр үрдүк технологиялаах тэриллэр көмөлөрүнэн 500-600 грамм ыйааһыннаах оҕолор доруобуйаларын чөлүгэр түһэриэхпит.
Саҥа кииммитигэр 598 исписэлиис, ол иһигэр 137 быраас уонна 245 орто сүһүөх үлэһит баар буолуохтара. Исписэлиистэрбитин 2013 сылтан бэлэмнээн барбыппыт. Онон, ханнык да атын балыыһалартан үрдүк таһымнаах быраастары былдьаабаппыт. Перинатальнай киин аһыллыыта куораттааҕы төрөтөр балыыһаҕа уонна Медицина национальнай киин үлэтигэр хайа да өттүнэн дьайыа суоҕа. Улахан көмөнү ХИФУ оҥордо уонна исписэлиистэри федеральнай килииникэлэргэ үөрэттэрдибит. Ураты болҕомтобутун орто сүһүөх үлэһиттэри бэлэмнээһиҥҥэ уурдубут. Медицинскэй базовай колледж чопчу Перинатальнай кииҥҥэ үлэлиэхтээх медицинэ сиэстэрэлэрин уонна медбраттары үс сыл устата бэлэмнээтэ. Кырдьыга да, аан бастаан киин бырайыагын көмүскүүрбүтүгэр: «Иккис Киин туохха нааданый?», – диэччилэр бааллара. Онуоха биһиги: «Перинатальнай киини кэлэн көрүҥ. Кэрэ аҥардарбыт көрүдүөргэ сыталлар – куойка тиийбэт», – диэбиппит.
Саҥа киин оҕо күүтэр дьахталларга уонна патологиялаах төрөөбүт кырачааннарга тустаах өҥөлөрү оҥоруоҕа. Ону сэргэ кыра ыйааһыннаах төрөөбүт кырачааннары көрүө-истиэ, эмтиэ. Онон, киин өҥөтүнэн элбэх киһи туһаныаҕа. Өрөспүүбүлүкэҕэ 100 дьахтартан 50-на араас патологиялаах. Ити кэнники сылларга 40-45 саастарын ааспыт дьахталлар оҕолонор буолбуттарын кытары сибээстээх. Бүгүҥҥү туругунан, 850 дьахтар ЭКО-нан оҕолонуон баҕарар.