От ыйын 11 күнүттэн Таатта Ытык Күөл нэһилиэгэр режиссер Любовь Борисова саҥа киинэтин устан саҕалыа. Киинэ уһуллуутугар хас да мусуой, Саха, нуучча тыйаатырдара кыттыһан үлэлиэхтэрэ. Бу туһунан СИА култуура министиэристибэтигэр сигэнэн суруйар.
«Не хороните меня без Ивана» диэн ааттаах киинэнин «Сахафильм» уонна Москубатааҕы «Студия Автор» киинэ устуудьуйата дойду култуураҕа министиэристибэтин сакааһынан устар. Киинэҕэ аатырбыт «Ойуун» диэн хаартынаны суруйбут нуучча худуоһунньуга Иван Попов уонна уһун (летаргическай) ууга түһэринэн эрэйдэнэр саха киһитэ Егор Бересков доҕордоһууларын туһунан кэпсэниэ.
«Киинэ дьиҥ олоххо буолбут түгэннэргэ олоҕуран уһуллуо. Иван Попов хаста да Егору быһаабытын туһунан аҕыс сыллааҕыта аахпытым уонна тута киинэҕэ хоһуйуохпун баҕарбытым», — диир режиссер.
««Сахафильм» былырыын бастакытын федеральнай куонкуруска кыайан, 20 мөл солкуобайы ылбыта. Саха сирин бүддьүөтүттэн эбии 9 мөл көрүллүө. Хартыынаҕа 20 үйэ саҕаланыыта ойууланарынан түмэллэри, тыйаатырдары көмөҕө ыҥырдыбыт. Киинэҕэ туһаныллыбыт реквизит, декорация сороҕо аһаҕас халлаан анныгар тэриллэр саҥа кинопавильоҥҥа хаалыа», — диир култуура миниистирэ Юрий Куприянов.
Киинэ уһуллуутугар Таатта Хадаайы, Кыйы, Чөркөөх нэһилиэктэрин мусуойдара, Дьокуускай Ярославскай аатынан мусуойа сүбэ-көмө буолуохтара. Киинэ Ойуунускай алааһын чугаһынан уһуллуо.
Сүрүн оруоллары Литва артыыһа Дариус Умаускас уонна Хаҥалас улууһун норуодунай тыйаатырын артыыһа Александр Чигяхов оонньуохтара.
«Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт» киинэнэн биллибит режиссер Любовь Борисова артыыстары алҕаска, соһуччу булаттаабытын этэр. «Дариуһу алҕаска киинэҕэ көрөммүн, Иван Поповка олус майгыннаппытым, оттон Александр Хаҥаласка киинэбин көрдөрө кэлэ сырыттахпына хаартыскаҕа түһэ кэлбитэ», — диир Любовь.
Устар бөлөх атырдьах ыйын ортотугар диэри үлэлиэ. Улахан экраҥҥа киинэ эһиил тахсара былааннанар.
Киинэ сценарийын Любовь Москуба режиссера уонна эрэдээктэрэ Юлия Климованы кытары кыттыгас суруйтар. Хартыынаны Семен Аманатов устуо, туруорааччы-худуоһунньугунан Саргылана Скрябина, көстүүм худуоһунньугунан Дария Дмитриева буолуохтара.