Өрөбүллэргэ ЛОРП суудуналара Арктикатааҕы навигацияны арыйдылар. Хотугу тиэйии-таһыы норуот хаһаайыстыбатын таһаҕаһын хоту улуустарга тириэрдэр. Ол туһунан регион салалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Капитан Богатырев» сухогруз Усуйаана Нижнеянскайыгар 1,7 тыһ тахса туонна сүрүн таһаҕаһы тириэртэ. Маны сэргэ Аллара Халыма Зеленый Мыс пуордуттан «Капитан Шандровский» суудунаҕа чох тиэллэр, Индигирка эбэнэн айанныыр.
Өлүөхүмэҕэ Уһук Хоту ОДьКХ туһаныытыгар 13,7 тыһ туонна хочуолунай ньиэбин тириэрдэллэр. Аллара Бэстээххэ ньиэп тиэллэр. Дьааҥы, Индигирка, Халыма өрүстэринэн анаммыт 11 тыһыынча туонна айанныыр.
Хотугу тиэйиини-таһыыны хааччыйыыга «Ленанефть-2020», «Ленанефть-2055», «Ленанефть-2060», «Ленанефть-2063», «Ленанефть-2043» уонна ОТ-2035 буксир үлэлииллэр.
Сиһилии https://ysia.ru/pervye-suda-lorpa-dostavili-gruzy-v-arkticheskie-rajony-yakutii/
This post was published on 24.07.2024 10:03 10:03