Саха режиссера Константин Тимофеев, «Хара Бэкир» уонна «Бэйбэрикээн» киинэлэр ааптардара, «Лоокуут уонна Ньургуhун» диэн саҥа үлэтин тизерын билиһиннэрдэ. Киинэ Тимофей Сметанин айымньытыгар олоҕурар. Премьера кулун тутар 31 күнүгэр буолара былааннанна, СИА суруйар.
«Тапталлаахтар кэрэ историялара, бастакы таптал туһунан. Баай дьон кыыстарын Ньургуhуну баай Мардааһайга кэргэн биэриэхтэрин баҕараллар. Ити эрээри кыыс дьадаҥы Лоокууту таптыыр. Таптыыр эдэр киһитин туһугар Ньургуһун өлөрүн да кэрэйбэт…», — диэн киинэ туһунан кэпсэнэр.
Санатар эбит буоллахха, киинэни ааспыт сайын Амма улууһугар устубуттара. Артыыстар Мария Михалева, Василий Белолюбскай, Иннокентий Луковцев, Ирина Никофорова уонна да атыттар оонньообуттара.
This post was published on 01.02.2022 17:01 17:01