- Кэтэһиллибитин курдук, ыҥырыылаах ыалдьыттар, суруйааччылар, суруналыыстар, учуонайдар уонна уран тыл алыбар ылларбыт дьон киэҥ саалаҕа толору муһуннулар. Ил Дархан Литература сылын түмүгүн кытта билиһиннэрбит дакылаатын болҕойон иһиттилэр.
- — Литература сыла Саха сирин уопсастыбаннай олоҕор кэрэ-бэлиэ түгэннэри бэлэхтээтэ. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ «Саха сирин суруйааччылара» ассоциация тэриллибитэ, Ил Дархан Суорун Омоллоон аатынан Литературнай бириэмийэтэ олохтоммута, «Үрүҥ хаар алгыһа» аан дойдутааҕы поэзия фестивала уо.д.а. тэрээһиннэр киэҥ далааһыннаахтык ыытыллыбыттара. «Чолбон» уонна «Полярная звезда» сурунаалларга өйөбүл оҥоһуллан тахсар ахсааннара элбээтэ, саҥа сыһыарыылар тыҕыстылар. Аны эстафетаны быйылгы Киинэ сылыгар туттараары туран, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр бу хайыскаҕа улахан хамсааһыннар тахсыахтарыгар эрэнэбин — диэтэ Егор Борисов.
- Ил Дархан Литература сылын түмүктүүр тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыт ыалдьыттарга махтанна. Кини суруйааччы буолуу диэн ыарахан идэ буоларын бэлиэтээн туран, саха литературата сайдарын туһугар туруулаһарга ыҥырда уонна ытыс тыаһын доҕуһуолунан народнай поэкка Наталья Харлампьеваҕа Россия президенэ Владимир Путин ыйааҕынан бэриллибит Пушкин мэтээлин, «Полярная звезда» сурунаал кылаабынай редакторыгар Владислав Доллоновка СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитин аата иҥэриллибитин туоһулуур дастабырыанньаны туттарда. Маны таһынан суруйааччылар Василий Кейментинов-Баргачан уонна Ольга Пашкевич Ил Дархан илиититтэн Россия Суруйааччыларын союһун махтал суругун тутан үөрдүлэр.
- Литература сылын сабыллыыта истиҥник, долгутуулаахтык ааста. Ыҥырыылаах ыалдьыттар: Бурятия народнай поэта Баир Дугаров, поэттар Сергей Главюк, Вячеслав Куприянов (Москва) сүрдэрэ көтөҕүллэн туран бэйэлэрин хоһооннорун аахтылар. Бу киэһэ устудьуоннар, артыыстар хоһоон ааҕан, ырыа ыллаан, үҥкүүлээн үөрүүлээх тэрээһин силигин ситэрэн биэрдилэр.
- Түмүккэ народнай суруйааччы Далан сиэнэ, Саха гимназиятын иккис кылааһын үөрэнээччитэ Коля Сантаев киинэ режиссеругар Никита Аржаковка Киинэ сылыгар киинэ оҥоруо диэн эрэнэн туран, эһэтин «Тыгын Дархан» кинигэтин бэлэхтээтэ.
This post was published on 25.01.2016 16:27 16:27