Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйгэ (дириэктэр И.И.Шамаев) “Айылҕа ситимэ” диэн бырайыак үлэлээбитэ быйыл онус сыла. Бырайыак ааптара биология учуутала Анна Егоровна Местникова.
Бу бырайыак чэрчитинэн, бэһистэн тохсус кылааска диэри үөрэнэр оҕолор сыл аайы айаҥҥа сылдьаннар билиилэрин-көрүүлэрин хаҥатыналлар. Бэһистэр – “Алаас эйгэтэ”, алтыстар – “Хочо олоҕо”, сэттистэр – “Хайа түөлбэтэ”, ахсыстар – “Киһи айылгыта” түһүмэхтэринэн, тохсустар бэйэлэрин-бэйэлэрэ айылҕаҕа сылдьарга сатаан көрүнэргэ-истинэргэ үөрэнэллэр, байдаарканан усталлар.
Быйыл ахсыс кылааһы бүтэрбит оҕолор “Киһи айылгыта” түһүмэх чэрчитинэн Горнай, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү улуустарынан сырыттылар. Кылаас салайааччыта, саха тылын уонна литературатын учуутала Саргылаана Игнатьева бу айаннарын туһунан сырдатта.
—Айаммыт-сырыыбыт барыта оҕолор билиилэрин-көрүүлэрин кэҥэтэргэ, кинилэри сайыннарарга ананар. Биһиги биир нэдиэлэ устатыгар ССРС норуодунай учуутала М.А.Алексеев төрөөбүт-үөскээбит, олорбут, үлэлээбит сирдэринэн-уоттарынан сылдьан көрөн-истэн, сиһилии билсиһэн кэллибит. Айан-сырыы хара маҥнайгыттан табылынна.
Бэрдьигэстээххэ М.А.Алексеев 1958-60 сс. Гуорунайга үөрэппит үөрэнээччилэрин кытары көрсүһүүбүт олус истиҥ-иһирэх буолла. Үөрэнээччилэрэ инники олохторугар суолларын булалларыгар ытыктыыр учууталлара хайдахтаах көмөлөспүтүн, сүбэлээбитин-амалаабытын, суолларын ыйан биэрбитин улаханнык долгуйан туран аҕыннылар. Кини эппит тыллара билигин даҕаны суолдьут сулус кэриэтэ буоларын бэлиэтээтилэр. Духуобунас киинигэр норуодунай суруйааччылар Семен, Софрон Даниловтар, академик Афанасий Осипов тустарынан оҕолор улаханнык сэргээн, сэҥээрэн иһиттилэр, быыстапканы сэҥээрэ көрдүлэр. Мытаахха оскуола галереятыгар Афанасий Осипов бэлэхтээбит 136 хартыынатын сөҕө-махтайа көрдүбүт. Бырааттыы Семен, Софрон Даниловтар төрөөбүт ураты кэрэ айылҕалаах Бор алаастарыгар ыалдьыттаан улаханнык астынныбыт.
Бүлүүгэ Илбэҥэ оскуолатын массыынатыгар суоппардыыр Алексей Дьячковскайбиһигини аара көрсөн, ытык учуутал М.А.Алексеев төрөөбүт Нуула (Өндөө) өтөҕөр сирдээн илтэ. Манна саха улуу киһитигэр Михаил Андреевичка туруоруллубут өйдөбүнньүк бэлиэни көрдүбүт, сүүрбүт-көппүт кырдалларынан хаамтыбыт, улуу учуутал туһунан сэргээн-сэҥээрэн бэрт элбэҕи иһиттибит. Сарсыныгар Илбэҥэ оскуолатын лааҕырыгар сылдьар оҕолору кытары көрүстүбүт, мусуойдарга сырыттыбыт. Дьөккөҥҥө М.А.Алексеев үөлээннээҕин, доҕорун Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун Н.А.Кондаков мусуой-дьиэтигэр ыалдьыттаатыбыт. Оскуолалар, киһи эрэ кэрэхсии көрөр мусуойдара, Ийэҕэ, учууталга сквердэрэ, Кыайыы болуоссата, о.д.а. оҕолор өйдөрүгэр-санааларыгар дириҥник иҥпиттэрэ саарбахтаммат.
Үөһээ Бүлүүгэ М.Алексеев аатын сүгэр гимназияҕа түстүбүт. Лиссиэйбит дириэктэрэ И.И.Шамаев онно тиийэн төрөөбүт-үөскээбит сирин-уотун устун бэртээхэй экскурсия тэрийдэ. Дойдутун устуоруйатын кэпсээтэ, “Үс хоһуун” стадиоҥҥа сырытыннарда. Онтон лиссиэйбит физикаҕа учуутала Н.Р.Романов эбэни көрдөрдө. Оҕолор бэрт элбэҕи истэллэрин, билэллэрин сэргэ, күрэхтэстилэр, стадиоҥҥа дьарыктаннылар даҕаны. Кэнтиккэ Чап уустарын мусуойа болҕомтону тарта.
Бу курдук олус туһалаахтык сылдьан төннөн иһэн Хампа оскуолатыгар ыалдьыттаатыбыт. Онтон Тукулаан харах ыларын тухары кумахтааҕынан барыбытын сөхтөрдө. Оҕолор сибиэһэй салгынынан дуоһуйа тыынан, сөтүөлээн, балыктаан, астына-дуоһуйа кэпсэтэн, элбэҕи билэн-көрөн, эт-хаан өттүнэн чэбдигирэн, туһалаахтык сылдьан, айаннаан кэлэн үөрүүлэрэ улахан.
Түмүккэ, биһигини салайан илдьэ сылдьыбыт бырайыакпыт ааптарыгар А.Е.Местниковаҕа, география учууталыгар Н.И.Захаровка, биһиги оҕолорбутун кытары куруук айанныыр төрөппүт А.К.Афанасьевка, айаммыт усталаах-туоратын тухары бэркэ бүөбэйдээн илдьэ сылдьыбыт суоппарбытыгар П.П.Ядреевка, бу сылдьыбыт улуустарбытыгар эйэҕэстик көрсүбүт сээркээн сэһээннээх бар дьоммутугар, билэр дьоммутугар, айаҥҥа өйөбүл-көмө буолар төрөппүттэрбитигэр бука барыларыгар махталбытын тиэрдэбит.
Билиини-көрүүнү хаҥатарга туһуламмыт айаммыт оҕолор өйдөрүгэр-санааларыгар дириҥник иҥэригэр, туһалыы турарыгар эрэнэбит.
Биһиги корр., “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
This post was published on 17.07.2018 12:45 12:45