Бастакы сахалыы алпабыыты айбыт, саха норуотун бастакы лингвист-учуонайа Семён Андреевич Новгородов туһунан “Лингвист” диэн документальнай киинэ пресс-көрдөрүүтэ олунньу 6 күнүгэр буолла. Киинэ режиссёра — Санкт-Петербургдааҕы киинэ уонна тэлэбиидьэннэ университетын выпускнига Эдуард Новиков.
Семён Андреевич Новгородов саха норуота туспа алпабыыттаах, буукубалардаах буоларыгар баҕарара. Ол иһин кини латыынныы алпабыыкка тирэҕирэн, бастакы сахалыы алпабыыты уонна букубаары оҥорор. 10 сыл тухары итиннэ тирэҕирэн 200-тэн тахса кинигэ бэчээттэнэр, ол иһигэр 30 үөрэнэр кинигэ, босуобуйа.
“Биһиги киинэбит саха норуотун биир саамай ытыктабыллаах киһитигэр ананар. Семён Андреевич Новгородов бэйэтин төрөөбүт дойдута атын сайдыылаах омук дойдуларын кытта тэҥҥэ хаамсарын туһугар элбэҕи оҥорбут киһи буолар. Сыл-хонук аастаҕын аайы саха норуотун эдэр учуонайа оҥорбут үлэтэ өссө үрдүктүк сыаналанан иһиэҕэ”, – диир киинэ сценариһа, суруйааччы Алексей Амбросьев-Сиэн Мунду.
Киинэ сүрэхтэниитэ “Сахамедиа” холдинг медиа-киинигэр ыытылынна.
This post was published on 07.02.2018 08:44 08:44