Үлэтэ суохтар уопсастыбаннай үлэлэргэ киирэн хамнас аахсыахтара

Үлэтэ суох дьон төлөбүрдээх уопсастыбаннай үлэлэргэ киирэн, хамнас аахсыахтарын сөп. Бу туһунан «Якутия 24» ханаал дьарыктаах буолуу судаарыстыбаннай кэмитиэтигэр сигэнэн суруйар.


Тупсарыы, олорор сири көҕөрдүү, бэтэрээннэргэ социальнай көмөнү оҥоруу, тутуу-өрөмүөн үлэлэрэ, хаар ыраастааһына, оҕуруот көрүүтүн курдук уопсастыбаннай үлэлэр төлөнүөхтэрэ.

Үлэлиэн баҕалаах биир ый устата үлэлиэн сөп. 16-гар диэри саастаах дьону үлэҕэ ылыахтара. Үлэһиттэр хамнас алын кээмэйиттэн итэҕэһэ суох харчыны, ону таһынан 7 572 солкуобай үбүнэн көмөнү ылыахтара. Сайаапканы Госуслуга порталын нөҥүө биэриэххэ сөп.

This post was published on 21.05.2021 13:01 13:01