Үлэтэ суох дьоҥҥо босуобуйаны онлайн нөҥүө аныахтара

Коронавирус аан дойдуну аймаан, билигин үгүс тэрилтэ сабыллан турар. Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уонна өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев дьону үлэлэриттэн маассабайдык ууратары бопсорго тустаах дьаһал таһаарбыттара.


Үлэтэ суох хаалбыт дьон социальнай өттүнэн көмүскэлээх буолуохтааҕа этиллибитэ. Эпидемиологическай балаһыанньа тыҥаан турар кэмигэр, үлэтэ суох хаалбыттар дьарыктаах буолуу киинигэр тиийэн үлэтэ суохтарын туоһулууллара аны ирдэммэт. Сайабылыанньаны уонна резюмены «Работа в России» диэн порталга ыытыаххын наада диэн РФ Үлэҕэ уонна социальнай көмүскэллээх буолууга министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Урукку курдук үлэ киниискэтин, уурайбытыҥ туһунан бирикээс, орто хамнаскын туоһулуур ыспыраапка аны көрдөөбөттөр. Идэҕэр сөп түбэһэр туох-ханнык үлэ баарын тус кабинекка ыытыахтара, эбэтэр интэриэһиргээбит тэрилтэҕэр бэйэҥ резюме ыытыаххын син. Уон биирис күҥҥэр, өскөтүн үлэ булбатаххына, босуобуйа аныахтара. Арассыыйаҕа үлэтэ суох дьон муҥутаан 12 130 солкуобай кээмэйдээх босуобуйа ылыахтара.

This post was published on 13.04.2020 16:17 16:17