Үлэтэ суоҕунан босуобуйаны от ыйын 31 күнүгэр диэри онлайн оҥоруохха сөп

Үлэтэ суоҕунан босуобуйаны онлайн оҥоруу туһунан быстах быраабыла пандемиянан сибээстээн киирбитэ. Билигин дьаһал от ыйын 31 күнүгэр диэри уһаата, дьарыктаах буолуу кэмитиэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. 


Быстах бэрээдэгинэн киһи үлэтэ суох буолуутунан бэлиэтэниитэ тэрилтэҕэ кэлиитэ суох, онлайн ыытыллар. Сайабылыанньа уонна анкета толоруута «Работа в России” саайтка киирэн толоруллар эбэтэр «Госуслугаҕа». Ыспыраапкалары тэрилтэлэр икки ардыларыгар электроннай киэбинэн бэрсиһэллэр.

«О занятости населения в Российской Федерации» сокуоҥҥа олоҕуран босуобуйаны үлэтин сүтэрбит киһи эбэтэр үлэтэ суох киһи ылар. Кини дьарыктаах буолуу киинигэр сайабылыанньалаах буолуохтаах уонна онно олоҕуран учуокка туруохтаах.

Сиһилии https://ysia.ru/oformit-posobie-po-bezrabotitse-onlajn-mozhno-po-31-iyulya-2021-goda/

This post was published on 14.04.2021 12:01 12:01