Ленскэйгэ уопсастыбаннай баанньык үлэтин саҕалаата

Ленскэйгэ 2014 сыллаахтан тохтоон турбут уопсастыбаннай баанньык үлэтин саҕалаата.


Социальнай суолталаах эбийиэк өрөмүөнүгэр кулун тутар ыйга улуус дьаһалтата 39 мөл солкуобайы көрөн, хапытаалынай өрөмүөн ыыппыт.

«Гарт» ХЭТ коммунальнай ситими сөргүтэн, өһүөлэри, муосталары, истиэнэлэри өрөмүөннээн, саҥа түннүктэри, ааннары туруортаан, дьиэ тас көрүҥүн, тиэргэнин тупсаран оҥорбут.

Баанньыкка саҥа оһохтор туруоруллубуттар, баанньык тэрилэ ылыллыбыт, Нүүйэ маастардарар миэбэлин оҥорон биэртэр. Баанньык урукку курдук эр киһи, дьахтар саалалардаах. Туһунан паарданар, суунар хостордоох, хас биирдии киһи таҥаһын уурарыгар анаан туһунан кабинкалардаах. Маны таһынан доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон сылдьарыгар табыгастаах гына оҥоһуллубут.

«Ленскэйгэ бааньык баар буолуо диэн олохтоохторго эрдэ эрэннэрбитим. Улахан дьоҥҥо өҥө 300 солкуобай, оҕолорго 150 буолуо. Бэтэрээннэргэ – босхо. Бөлөҕүнэн суунууга сыана туспа буолуо, тэрилтэлэри кытары эмиэ туспа кэпсэтиинэн үлэлиэхпит. Инникитин массаж кабинета, парикмахерскай, атыы-эргиэн туочуката, таҥас сууйар хостор баар буолуохтара. Манан урбаанньыттар дьарыктаныахтара», — диир улуус баһылыга Жумарт Абильманов.

This post was published on 28.12.2020 17:09 17:09