17 Балаҕан ыйа 17.09
  • $ 91,14
  • 101,28

Ленскэй оройуонугар сүппүт киһи өлүгүн өрүскэ буллулар

1963 сыллаах Ленскэй олохтооҕо сүппүтүн туһунан иһитиннэрии тырдьах ыйын 18 күнүгэр киирбитэ
14:14, 23 августа
Хаартыска: Быыһыыр сулууспа архыыбыттан
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ленскэй оройуонугар сүппүт эр киһи өлүгүн Лена өрүскэ атырдьах ыйын 22 күнүгэр буллулар. Бу туһунан атырдьах ыйын 23 күнүгэр Саха сирин быыһыыр сулууспатыгар иһитиннэрэр, диэн СИА суруйар.

Санатан эттэххэ, 1963 сыл төрүөх Ленскэй олохтооҕо сүппүтүн туһунан иһитиннэрии оройуоннааҕы ЕДДС диспетчеригэр атырдьах ыйын 18 күнүгэр киирбитэ.

Ол күн эр киһи массыынатын Ньүүйэ нэһилиэгиттэн чугас сытар Лена өрүскэ бэлиэтии көрбүттэр. Кыыһа этэринэн, аҕата атырдьах ыйын 12 күнүгэр балыктыы барбыт, онтон атырдьах ыйын 18 күнүгэр эр киһи табаарыстаргыар сылдьарын көрбүттэр. Быраҕыллан турбут массыынаҕа эр киһи чааһынай маллара, суоппардыыр дастабырыанньата бааллара биллэр. Масссыына аана аһаҕас турбут.

Эр киһини полиция көрдөөн булбатаҕын кэнниттэн, атырдьах ыйын 22 күнүгэр, быһылаан буолбут сиригэр Саха сирин быыһыыр сулууспатын этэрээтэ үлэлии тахсыбыта.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА