Ленскэй олохтоохторо социальнай ситимнэргэ куорат уулуссаларыгар сылдьар эһэлэри устубут видеоларын тарҕаттылар. Ленскэйдээҕи экология кэтээн көрүүтүн кэмитиэтигэр эппиттэринэн, Долгое күөл таһыгар хас да хонугу быһа сылдьыбыт кыылы суох оҥорбуттар, ол туһунан суруйар оройуон хаһыата.
Маны сэргэ иккис тыатааҕыны көрдөөһүн ыытыллар. Севернай микрооройуон территориятыгар кэтэбил олохтонно.
Кутталлаах кыылы кытта көрсө түстэххэ хайдах буолар туһунан инструкцияны ЫБММ таһаарда.
This post was published on 10.07.2024 14:30 14:30