Ленскэйгэ амбулаторнай-онкологическай көмө киинэ аһылынна  

Ленскэй куоратыгар амбулаторнай-онкологическай көмө киинэ аһылынна. Бу туһунан ulus.media иһитиннэрэр.


Саҥа киин онкологическай ыарыһахтары эрдэ буларга, эмтииргэ ананар диэн, Ленскэйдээҕи киин балыыһа кылаабынай бырааһын э.т. Инна Ковадло кэпсиир.

Балыыһаҕа рентген, эндоскопия араас көрүҥнэрин (бронхоскопияны, колоноскопияны) оҥорор тэриллэр ылыллыбыттар, үрдүк таһымнаах УЗИ, лаборатория толору кыаҕынан үлэлиир кыахтаммыт.

Саҥа кииҥҥэ онколог быраас Махмадали Хайдаров үлэлиэ.

Санатар буоллахха, былырыын Саха сирин үрдүнэн тоҕус маннык Киин аһыллыбыта. Быйыл үс Киин аһыллара былааннанар.

Сиһилии манна аах https://ysia.ru/v-lenske-otkrylsya-tsentr-ambulatorno-onkologicheskij-pomoshhi/

This post was published on 13.07.2020 14:01 14:01