Ленскэйгэ 50 миэстэлээх киинэ саалата аһыллыа

{"total_effects_actions":0,"total_draw_time":0,"layers_used":0,"effects_tried":0,"total_draw_actions":0,"total_editor_actions":{"border":0,"frame":0,"mask":0,"lensflare":0,"clipart":0,"text":0,"square_fit":0,"shape_mask":0,"callout":0},"effects_applied":0,"uid":"BD647915-43E1-4F7D-A5F2-742867A4F5D8_1587018745233","width":900,"photos_added":0,"total_effects_time":0,"tools_used":{"tilt_shift":0,"resize":1,"adjust":0,"curves":0,"motion":0,"perspective":0,"clone":0,"crop":0,"enhance":0,"selection":0,"free_crop":0,"flip_rotate":0,"shape_crop":0,"stretch":0},"origin":"gallery","height":599,"subsource":"done_button","total_editor_time":7,"brushes_used":0}

Сыл бүтүүтүгэр Ленскэй куоратыгар 50 миэстэлээх киинэ тыйаатыра аһыллыа. Дойду үрдүнэн быйыл 61 саала аһылларыттан, биирдэстэрэ Ленскэйгэ буолуо диэн СИА иһитиннэрэр.


Саала «Култуура» национальнай бырайыак чэрчитинэн киинэ пуондатын өйүүр российскай бырагыраама көмөтүнэн аһыллар.

«Хомойуох иһин быйыл киинэ пуондатын бырагыраамата 70% сарбыллыбыта. Сылга 200 саала аһыллар эбит буоллаҕына, быйыл 61 эрэ. Саха сириттэн түөрт сайаапка барбытыттан, Ленскэй куорат киһитин ахсаанынан соҕотоҕун хабыллан, 5 мөл солкуобайы ылбыта«, — диэн өрөспүүбүлүкэ киинэ ситимин дириэктэрэ Петр Чиряев кэпсиир.

Саҥа киинэ саалата Ленскэйгэ норуот айымньытын киин дьиэтигэр аһыллыа. Саала 50 миэстэлээх буолуо. Саҥа кириэһилэлэри, киинэ экранын, цифровой проекторы, элбэх каналлаах тыас-уус, билиэт систиэмэлэрин таҥыахтара. Билигин Киин иһигэр сааланы бырайыактыыр үлэ бара турар, сыл бүтүүтүэ үлэҕэ киллэриэхтэрэ.

«Урут Ленскэйгэ киинэни кэнсиэртиир сценаҕа көрдөрөллөрө, араас тэрээһиннэртэн сылтаан мэлдьи көрдөрбөттөрө. Туспа саала аһылыннаҕына киинэ сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри көстөр буолуо. Дьоҥҥо быдан табыгастаах буолуоҕа. Ленскэй олохтоохторо киинэни сөбүлүүллэр, онон дьон сылдьыыта көхтөөх буолар ини диэн эрэнэбит», — диэн санаатын түмүктүүр Петр.

2015-2019 сылларга бу бырагырааманан Арассыыйаҕа барыта 1015 киинэ саалата аһыллыбыт.

This post was published on 12.08.2020 10:03 10:03