Ленскэй оройуонугар бөдөҥ оҕуруот аһын уурар дьиэни тутуута бара турар, ону тэҥэ, оҕуруот аһын үүннэрэ сири улаатыннарар былааннаахтар. Маннык быһаарыыны оройуон оҕуруотчуттарын уонна үүнээйи үүннэриитинэн дьарыгырар дьонун кытары ылыннылар. Бу туһунан Ленскэй оройуонун тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Иван Захаров тыа хаһаайыстыбатын санкция усулуобуйатыгар өйөөһүн тематыгар Ил Түмэн төгүрүк остуолугар эттэ, диэн СИА кэпсиир.
«Үс сыл устатыгар тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга 360 мөл. солк. үп көрүллүбүтэ, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта холбоон 473 мөл. солк., ол аата манна тус тэрээһиннээх хаһаайыстыбалары өйөөһүҥҥэ эрэ буолбакка, объектары тутууга эмиэ харчы барбыт — 8 саҥа тутуу бүттэ уонна 54 тиэхиникэ ылылынна. Быйыл оҕуруот аһын тутар-харайар сир тутуллара былааннанар. Бу күннэргэ биһиги оҕуруот аһын уонна үүнээйилэри үүннэрээччилэри кытары бу хайысханы ырыттыбыт», — диэн Иван Захаров бэлиэтээтэ.
Кини ити сыалга бырагыраама чэрчитинэн, алта мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтүн эттэ. Ону сэргэ олунньу саҥатыгар олохтоох аграрнай тэрилтэлэри өйүүр туһунан быһаарыы ылыллыбыта.
Ленскэй улууһугар үүннэрииннэн сүрүннээн үс нэһилиэк дьарыктанар, ордук эдэрдэр үлэлииллэр, баар бырагыраамаларга көхтөөхтүк кытталлар. Кэнники үс сылга хорутуллар сири 360 гектарынан улаатыннардылар.
This post was published on 06.04.2022 16:01 16:01