Ленскэй улууһугар эр киһи сөтүөлүү сылдьан ууга былдьанна

Ленскэй оройуонугар эр киһи сөтүөлүү сылдьан өллө. Ол туһунан от ыйын 31 күнүгэр Саха сирин прокуратурата иһитиннэрдэ.

Өлбүт киһи сааһа уонна быһылаан чахчыта чуолкайдаммат.

Сайын саҕаланыаҕыттан, быыһыыр сулууспа дааннайынан, 25-тэн тахса киһи, ол иһигэр сэттэ оҕо ууга былдьанна. Быһылаан үксэ сөтүөлүүргэ анамматах сиргэ тахсар. Быыһааччылар дьону анал оҥоһуулаах эрэ сирдэргэ сөтүөлүүргэ ыҥыраллар, билбэт ууга умсар сэрэхтээҕин санаталлар.

This post was published on 31.07.2023 09:15 09:15